“Быыбарга кыттыы – бу хас биирдиибит санаата буолар”

Амма улууһугар сарсыарда  8 чаастан бары быыбардыыр учаастактар аһыллыннылар. Төһө да халлааммыт бүгүн инчэҕэй хаарынан күндүлээтэр дьон-сэргэ кэлиитэ сарсыардаттан көхтөөх буолла. Амматааҕы 46 №-дээх быыбардыыр учаастакка аан бастакынан уурунаҕа бюллетеннэрин түһэрэн, “Хатыҥчаана” уһуйаан үлэһитэ Ольга Никитина куоластаата.

Мин санаабар хас биирдии киһи ыытыллар быыбарга кыттыахтаах, бэйэтин санаатын этиэхтээх дии саныыбын. Мин үлэбиттэн көрөн куруутун эрдэ куоластыы сатыыбын. Быыбарга куруутун кыттабын. Бары Амма улууһун олохтоохторун эдэриттэн кырдьаҕаһыгар тиийэ кэлэн көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырабын. Быыбарга кыттыы хас биирдиибит ытык иэһэ буолар буоллаҕа”, — диэн Ольга Николаевна санаатын  үллэһиннэ.

Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше