Чакыр эр дьоно сэргэх тэрээһини ыыталлар

Чакыр нэһилиэгин “Эркин” диэн эр дьонун түмсүүтэ сэргэхтик үлэлиир. Сыллата Аҕа дойду көмүскээччилэр күннэригэр бэртээхэй тэрээһини ыытан дьонун түмэр.


“Биһиги «Эркин» түмсүүбүт нэһилиэк  эр дьонун, аҕаларын түмэр.  Иккис сылбытын Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин чэрчитинэн нэһилиэкпит аҕа саастаах эр дьонугар, убайдарбытыгар «Эркин» диэн түөрт көрүҥнээх күрэх ыытабыт. Манна  дартс, ох саанан ытыы, уксаан, салгын саатынан сыал ытыы курдук көрүҥнэр киирэллэр.

 

Былырыын 13 киһи кыттыбыт буоллаҕына, быйыл 15 аҕа, эһээ, убаай кыттыыны ыллылар. Тэрээһиммит аһыллыытыгар 2-с кылаас үөрэнээччилэрэ олоҥхолоотулар.  Салайааччы Анна Анастасовна Павлова буолар. Ону кытта оскуола кыргыттара тыыннаах доҕуһуолунан оонньоотулар. Салайааччылара Юрий Юрьевич Орестов.

 

Ол кэнниттэн эҕэрдэ  нэһилиэк  баһылыга  Прокопий Евгеньевич Прокопьев уонна мин тылын тиэртибит. Күрэх түмүгүнэн көрүҥ аайы кыайыылаахтар анал бэлэҕинэн наҕараадаланнылар. Уопсай түмүккэ 3-с миэстэ Терентьев Василий Ефимович, 2-с миэстэ Кириллин Петр Петрович буоллулар. Онтон быйылгы күрэхпит муҥутуур кыайыылааҕынан Неустроев Анатолий Афанасьевич буолан, Чурапчыга олорор бэйэбит уолбут Баранкевич Андрей Геннадьевич туруорбут анал бэлэҕин,  сварочный аппарат хаһаайына буолла. Бэлэхтэрбитин туруорбут  Дьокуускай куоракка баар Иннокентий Иннокентьевич  Кириллин салайааччылаах «Чакыр» эр дьон түмсүүтүгэр, Чурапчыга олорор биир дойдулаахтарбытыгар улахан барҕа махтал тылларын тириэрдэбит”, — диэн  эр дьон, аҕалар түмсүүтүн салайааччыта Тихон Матвеев сырдатта.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше