Матрена Иннокентьевна Алексеева уран, сылаас тарбахтарынан элбэх киһиэхэ сахалыы таҥас, олбох тигэн биэрбитин чакырдар махтана, астына кэпсииллэр. Аҕам саастаах Далбар Хотун төһө даҕаны доруобуйатынан хааччахтаах буоллар, биир дойдулаахтарын үөрдэриттэн астынар, кинилэр махтал тылларыттан күүс-сэниэ ылар.
Матрена Иннокентьевна уруккута почтальон идэлээх. Оттон 1998 сыллаахха инбэлииккэ тахсыаҕыттан, иис кэрэ алыбар ылларан күн соло буолбат. Дьахтар, эр дьон сахалыы таҥастарын, ырыа, үҥкүү кэлэктииптэрин таҥастарын тигэн бар дьонун абырыыр.
Аны кэнники сылларга олбох тигиитин кистэлэҥнэрин баһылаан сакааска даҕаны иистэнэр, баҕалаахтары эмиэ үөрэтэр. Ааспыт сайын Олоҥхо ыһыаҕар уонна тыыл бэтэрээннэригэр анаан 40 олбоҕу тигэн биэрэн улууспутугар ыытыллыбыт улахан тэрээһиҥҥэ сэмэй кылаатын киллэрэн турар.
-Бастаан утаа көннөрү иллэҥ кэми туһалаахтык атаараары иистэнэн саҕалаабытым, кэлин онтум дьарыкка кубулуйбута сүүрбэччэ сыл буола охсубут эбит. Билигин араас маастар-кылаастар элбэхтэр, кыаҕым тиийэринэн онно сылдьа, саҥаттан саҥаҕа үөрэнэ сатыыбын, таһыммын үрдэтэбин. Ол сатаабыппар, баһылаабыппар атыттары үөрэтэбин. Араас күрэхтэргэ кыттабын, ситиһиилэр даҕаны кэлэллэр.
Онон олох иллэҥ буолбаппын, сааһыран да баран киһи сөбүлүүр дьарыгын, олоххо миэстэтин булар эбит. Ол иһин биир саастыылаахтарбар сүбэлиэм этэ — саҥаны, сонуну саҕалыырга хаһан даҕаны хойут буолбатах, кытаатын, чаҕыйбакка барытын боруобалаан иһин,- диэн Чакыр Далбар Хотуна сүбэлиир.
«Амма олоҕо» хаһыат.