Чакыр нэһилиэгин тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, оскуола оҕолоро сыл ахсын “Кэскил” хаһаайыстыбаҕа хотон сыбаҕар көмөлөһөр үтүө үгэстээхтэр. Быйыл даҕаны ол бачыым кэһиллибэккэ, үс күн иһигэр улахан үлэ үмүрүтүлүннэ.
Чакырдааҕы „Кэскил“ ХЭТ сүөһүлэрэ быйыл 4 хотонунан кыстыыллар. Икки саҥа тутуллубут хотоҥҥо ыанньыктар тураллар, икки эргэ хотоҥҥо субан сүөһү кыстыыр. Маны барытын кэмигэр сыбаан бүтэрэн сылаас кыстыкка киирии – бэйэтэ туһунан улахан үлэ. Элбэх сыраны, бириэмэни эрэйэр. Ону өйдөөн Чакыр нэһилиэгин тэрилтэлэрэ, оскуола оҕолоро күргүөмүнүнэн 3 күн устата көмөҕө тахсан, үлэһиттэргэ сыбахха күүс — көмө буоллулар. Быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх киһи көмөҕө кэлэн көхтөөх үлэ таҕыста.
Мария Шепелева.