Чапчылҕаннар сыл аайы муус ылыытыгар суулаһан тахсан үлэлиир үтүө үгэстээхтэр. Быйыл даҕаны аҕа баһылык Дьулустаан Юшков сүүрбэччэ ыччаты батыһыннаран тахсан Тураҥнаах күөлүттэн муус бөҕөтүн хостоон ыалларга тарҕаттылар. Устар күн устата барбыт илистиилээх үлэ түмүгэр кыаммат кырдьаҕастарга, байыаннай дьайыыга сылдьар саллааттар дьиэ кэргэттэригэр, барыта холбоон, 30 ыалга муус бэрилиннэ.
Дьулустаан Аквсентьевич ханныктаах да үлэҕэ харса суох харыларын ньыппарынан ылсар эрэллээх уолаттарын хайдах хайҕыан билбэккэ мунааран олорор. Муҥар, саатар ааттарын ааттаан дириҥ махталын тириэрдэр санаалаах. Кимнээхтэрий ол үтүө үлэҕэ сүрэхтэрэ өрүү түллэҥнии тэбэр эрэттэр, хайаларай ол хайҕаллаах дьыалаҕа быыппастыбыт былчыҥнарын харыһыйбакка оонньотор мохсоҕоллор диэтэххэ, бааллар эбит оннук дьон, дьэ! Ол – Аркадий Захаров, Илья Артемьев, Тимур Пестерев, Николай Абрамов, Егор Шамаев, Айтал Новгородов, Михаил Тырив, Александр Пестерев, Василий Ефимов, Руслан Никитин, Александр Карамзин, Николай Неусторев, Денис Садовников, Степан Петров, Рафаэль Гуляев. “Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат” дииллэринии, аҕа баһылыгы маннык ыччаттар тулалыылларын тухары Чапчылҕан чэчирии чэлгийэр, үүнэ-сайда барҕарар.
Олег ЕГОРОВ.