СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Чапчылҕан нэһилиэгэр сырыытын социальнай эбийиэккэ сырыылартан саҕалаата. Ол курдук бастатан туран орто оскуолаҕа, уһуйааҥҥа сылдьан эбийиэктэр туруктарын көрдө, кэлэктииби кытта кэпсэттэ. Бу кэнниттэн “Амма” СППК сылдьан эмиэ баар балаһыанньаны билистэ. Манна даҕатан эттэххэ аны сайын ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар Чапчылҕан нэһилиэгэ кэлбит ыалдьыттар түһэр, аһыыр биир нэһилиэктэрэ буолар.
Ф. Лобанов аатынан орто оскуола дириэктэрэ Оксана Емельянова оскуола хас биирдии кылааһын көрдөрөн, хайдах туох усулуобуйаҕа оҕолор үөрэнэ сылдьалларын кэпсээтэ, оскуола инники былааннарын билиһиннэрдэ. Сергей Васильевич чахчы олус кыараҕас оскуолаҕа бачча элбэх оҕо батан үөрэнэрин сөхтө, сөпкө туруорсалларын бэлиэтээтэ. Бу кэнниттэн уһуйааҥҥа, “Амма” СППК үүтү, ыраас ууну оҥорор кэмбинээтигэр сырытта. Дириэктэр Айысен Черноградскай переработкалыыр оборудованиелар эргэрбиттэрин, эбийиэктэрин сылытыы олус ороскуоттааҕынан, газгольдердарга көһүөхтэрин баҕараллар да сыаната ыараханын, атын да инники былааннарын билиһиннэрдэ.
Сергей Васильевич салгыы култуура киинигэр кэлэн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2023 сыллаах үлэтин отчуотун нэһилиэнньэҕэ туруорда. Чапчылҕан олохтооҕо, уопсастыбаннай эколог Степан Сутаков Бырабыыталыстыба састаабыгар бэйэтин элбэх интэриэһиргиир боппуруостарын биэрдэ, санаатын да тириэртэ. Ол курдук кини сүрүннээн Амма өрүскэ кутталы үөскэтиэн сөп алмаас хостооһунун, “амгаит” таас булуллуутун, бэйдиэ сылдьар ыттары бэрээдэктиир сокуону ылыныы, сылгыны хааччахха туруоран иитии быраабылата киирэрин, ураты харыстанар сирдэр, Амма ытык сирдэрин харыстааһын туһунан сыныйан туран ыйыталаста. Манна ойуур хаһаайыстыбатын Департаменын салайааччыта Андрей Михайлов, промышленность Департаменын салайааччытын солбуйааччы Михаил Винокуров эппиэттэри биэрдилэр, сороҕор суругунан эппиэти ыытыах буоллулар. Онтон быһа тутан эттэххэ, алмаас хостооһуна билигин ыытыллыбат, чинчийии эрэ барар турар, сылгыны хааччаҕа иитии быраабылата киирэр да буоллаҕына, 2025 сыл кулун тутар ыйтан эрэ күүһүгэр киирэрин эттилэр. Этиллибитин курдук чапчылҕаннар саамай туруорсар улахан боппуруостарынан оскуола тутуута буолла. Аҕалар түмсүүлэрин салайааччыта Александр Карамзин уонна төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Марианна Юшкова онно туһааннаах суругу Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытыгар туттардылар.
“Оскуоланы, уһуйааны көрө сырыттым. Оскуола сүрдээх кыра эбит. Манна 92 оҕо батан үөрэнэ сылдьарын киһи кыайан толкуйдаабат. Ону таһынан нэһилиэк оҕолорун аҥара Аммаҕа үөрэнэр эбит. Уһуйааҥҥыт эргэрбит, саҥа уһуйааны туруорсаҕыт. Манна улуус бэйэтин ис өртүгэр сааһыланыан наада, социальнай эбийиэктэр былааннарын торумнаан өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үлэ ыытыллыахтаах. Демография үчүгэй диэтигит, онон социальнай суолталаах эбийиэктэр баар буолуохтаахтар”, — диэн Сергей Васильевич бэлиэтээтэ.
Чапчылҕаннар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ оҥоһуллар көмөлөрү көрүү, “Амма” айан суолун устун мобильнай сибээс баар буолуутун, маннык отчуоттарга Ил Түмэн дьокутааттара эмиэ кэлэллэрин аныгыс сырыыга учуоттуулларыгар, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар өрөспүүбүлүкэ буолан баран, бэйэбит бородууксуйабыт сыаната олус ыараабатыгар болҕомтону ууралларыгар санааларын тириэртилэр уонна ыытыллыбыт үлэни биһирииллэрин эттилэр, салгыы үлэлэригэр ситиһиилэри баҕардылар.
“Амма олоҕо” хаһыат