Сулҕаччытааҕы “Чычып-чаап” уһуйаан тэриллибитэ 80 сылын бэлиэтээтэ. Ол чэрчитинэн баһаам үлэ ыытыллыбытын билэн сөҕөҕүн эрэ.
Алена Егоровна Ефремова сэбиэдиссэйдээх уһуйааҥҥа үбүлүөйү көрсө оҕону кэрэ эйгэҕэ сыһыарыы, тыл сайдыытыгар үөрэтии, сахалыы иитэр ньыма-алтыһыы уонна кэрэ эйгэни тэрийии сыалын ситиһэр элбэх үлэ ыытыллан кэлбит. Олортон кылгастык сырдатан аастахха маннык: иитиллээччилэр, үлэһиттэр, төрөппүттэр күүстэринэн нэһилиэккэ дьаарбаҥка, кэнсиэр ыытылынна. Онтон киирбит үп уһуйаан материальнай – техническэй базатын хаҥатыыга тутулунна. Олус интэриэһинэй “Создаем мультфильм вместе” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх ыытылынна. Республика араас муннуктарыттан 21 уһуйаан сахалыы мультфильм оҥорон кыттыбыт. Кылаан кыайыылааҕынан Амма нэһилиэгин “Сардаана” уһуйаана буолла. Хаһыс да сылын үлэлиир “Киистэ кэпсээнэ” бырайыак чэрчитинэн Сэргэ Бэс бөһүөлэгэр художественнай десант тэрийэн сырыттылар. Манна уһуйаан иитээччилэрин кытта РФ худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ культуратын туйгуна Николай Рязанскай уонна кини кэргэнэ, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, өр сыл уһуйааҥҥа иитээччинэн айымньылаахтык үлэлээбит Екатерина Рязанская барсаннар, оҕолору, учууталлары кытта көрсөн, уруһуйга кыраасканы, киистэни хайдах туттары кэпсээн, көрдөрөн, үөрэтэн кэллилэр.
Уһуйаан 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Николай Николаевич Амма айылҕатын хоһуйбут хартыынатынан челлендж нэһилиэккэ ыыттылар, хартыынаны 80 квадракка үллэрэн туруордулар. Ким баҕалаах, ол иһигэр төрөппүттэр, худуоһунньук аймахтара, нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ, ытык кырдьаҕастар кэлэн оргинал хартыынатын 1-дии, 2-лии клетканан кырааска түһэрэн оҥорон таһаардылар.
80 саастарын бэлиэтиир бырааһынньык урукку юбилейдартан тэрээһинэ ураты буолла. Ол курдук, мустубут дьон ытыстарын тыаһынан аалай кыһыл лиэнтэ быһан, “Айыллык” оҕо бары өттүнэн сайдар ыллык-хоһун үөрүүлээхтик арыйдылар. “Айар ыллык” хоһун иитээччилэр билиһиннэрдилэр. Уратыта тугуй диэтэххэ, хос түөрт өттүн уһуйаан оҕону иитиигэ киллэрэр 4 араас саҥа хайысхаларыгар чопчу анаабыттар.
Киирээти кытта истиэнэҕэ “Киистэ кэпсээнэ” бырайыакка олоҕуран Николай Рязанскай үлэлэрин QR-куодтаах виртуальнай галереята уонна худуоһунньук туһунан кэпсиир мини-музей туруоруллубут. Худуоһунньук хартыыналарынан оҥоһуллубут мультиктар виртуальнай музейга киирдэххэ көстөн кэлэллэр. Хартыыналар ис хоһоонноро тыа сирин олоҕор, дьоллоох оҕо сааска ананар буоланнар, кырачааннар чугастык ылыналлар, көрөллөр. Хас биирдии хартыынаҕа куар код туруорбуттар, Маны астахтарына хартыына ис хоһоонун, тугу уруһуйдаабытын художник бэйэтэ кэпсиирэ иһиллэр. Кэрэхсэбиллээҕэ, Саха сирин атын худуоһунньуктарын хартыыналара эмиэ туруоруллаллар. Галереяны сырдаппыт иитээччи Роксана Михайловна Стручкова барытын сиһилии көрдөрдө. Утары муннукка оҕону экологическэй иитиигэ аналлаах, чинчийэр-үөрэтэр, кэтээн көрөр тыыннаах муннук үлэлиир. Бу кырачааннарга тыынар тыыннаахтар тустарынан өйдөбүлү кэҥэтэр эйгэ буолар. Биир сүрүн соруктара үүнээйилэри, хамсыыр харамайы сатаан көрөргө-истэргэ үөрэтии. Күөх муннуктарыгар сибэкки арааһын төрөппүттэр аҕалбыттар. Оҕолор олорго уу куталлар, сэбирдэхтэрин сотоллор, ыраастыыллар. Онтон тыыннаах муннуктарыгар кыһыл кулгаахтаах черепаха, улитка уонна балыктар бааллар. Олору көрүү-харайыы туһунан иитээччи Анна Кимовна Баишеваҕа көмөлөһөн, иитиллээччитэ Гена Христофоров кэпсээтэ. Билиини чиҥэтэр муннук библиотекаҕа анаммыт. 2022 сыл САССР тэриллибитэ 100 сылын көрсө улууска “100 кинигэ” диэн акция тэрийбиттэрэ. Акцияҕа улуус бары уһуйааннара, нэһилиэк тэрилтэлэрэ, төрөппүттэр, биирдиилээн дьон көхтөөхтүк кыттан, 130 тахса оҕо кинигэтэ хомуллубут. Ол түмүгэр кырачаан ааҕааччыларга, кинилэр төрөппүттэригэр аналлаах бэртээхэй библиотека, кинигэни ааҕыыны көҕүлүүр муннук баар буолбут. Манна оҕолор сөбүлээн олороллор, кинигэ көрөллөр, уруһуйдууллар, аудио кинигэ истэ-истэ оонньууллар. Библиотека туһатын туһунан төрөппүт Виктория Даниловна Жиркова кэпсээтэ, онтон кырачаан Олеся Жиркова Агния Барто хоһооннорун аахта.
Сонун муннук: ойуулугу айан таһаарар мультимедия муннуга ыалдьыттары кэрэхсэттэ. Ол курдук, быйылгыттан уһуйааҥҥа “Пластилиновые истории” анимация куруһуога үлэтин саҕалаабыт. Куруһуогу СӨ үөрэҕириитин туйгуна, иитээччи Октябрина Тимофеевна Феофанова ыытар. Куруһуокка оҕолор гугл хром “Анимированные чертежи”, “Ibis paint”, “Кинемастер”, “Stop motion”, “CapCut” курдук араас приложениеларынан туһанан, бэйэлэрин уруһуйдарын кырааскалаан, өҥнөөн, персонажтарын хамсатан, үҥкүүлэтэн, озвучкалаан, араас тыаһынан доҕуһуоллатан анимация оҥороллор. Интэриэһинэй муннугу иитээччини сэргэ иитиллээччилэр билиһиннэрдилэр. Оҕо айар дьоҕурун бары өттүттэн сайыннарарга кыах биэрэр “Айыллык” хос ортотугар харысхал бэлиэлэрдээх сиэдэрэй сэргэ турбут уонна кини тула сахалыы остуол оонньуулара ууруллубуттар, ол хос силигин ситэрэн биэрэр, сахалыы тыынныыр. Иитээччи Надежда Константиновна Рязанская ол туһунан сиһилии кэпсээтэ.
Салгыы көрүдүөргэ олохтоох оскуола учуутала, РФ худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ Розалия Петровна Винокурова хартыыналарын сэргэ, «Барыта оҕо саастан саҕаланар» диэн ис хоһоонноох Советскай союз саҕанааҕы кэми санатар дьоҕус быыстапка дьон болҕомтотун тартылар.
Үбүлүөй үөрүүлээх чааһын «Тыас» сахалыы инструменнарынан оркестр оҕолорорун бөлөхтөрө арыйда. Сэбиэдиссэй Алена Егоровна Ефремова айар-тутар, аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр, саҥаттан саҥаны киллэрэр иллээх коллектив үлэтин сырдатта, инники былааннарын билиһиннэрдэ. Сулҕаччы нэһилиэгин баһылыга Артем Германович Степанов, үөрэх салалтатын испэссэлиистэрэ Вера Васильевна Чупрова, Эмма Валерьевна Давыдова, үөрэх үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын исписэлииһэ Мария Филиповна Кузнецова эҕэрдэлээн наҕараадалары, ол иһигэр улуус дьаһалтатын уонна үөрэх управлениетын “Бочуотунай грамоталарын”, “Махтал суруктарын” уонна бэлэхтэри туттардылар. Уһуйаан бары үлэһиттэригэр нэһилиэк дьаһалтатын “Махтал суруга” туттарылынна.
Уһуйаан коллектива араас сылларга үлэлээн ааспыт ветераннарыгар дириҥ махтал бэлиэтин, тыыннаах сибэкки букетын уонна юбилейнай значок туттардылар. “Чычып-чаап” 80 сыллаах кэрдиис кэмнэригэр кырдьык да айар-тутар талааннаах, үүнэр көлүөнэни иитиигэ саҥаттан саҥа сүүрээннэри киллэрбит, үгүс элбэх иитээччи айымньылаахтык үлэлээн ааспыттара: Людмила Прокопьевна Иванова сэбиэдиссэйинэн, иитээччилэр Екатерина Филипповна Рязанская, Раиса Николаевна Константинова, Екатерина Семеновна Фомина, музыкальнай салайааччы Оксана Васильевна Данилова.
Дьоро күҥҥэ ыҥырыллан кэлбит ыалдьыттар: Сулҕаччы нэһилиэгин тэрилтэлэрин, Амма улууһун Амма, Бөтүҥ, Өнньүөс, Соморсун нэһилиэктэрин уонна Сэргэ-Бэс бөһүөлэгин уһуйааннарын салайааччылара бэйэлэлэрин бэлэхтэрин туттардылар, үтүө баҕа санааларын эттилэр. “Төһө да уһуйааннара таһыттан көрдөххө хаарбах туруктаах курдугун иһин, иһирдьэ киирдэххэ сылааһынан илгийэн остуоруйа дойдутугар киирбит саҕа сананныбыт, ол курдук ыҥыра-угуйа турар, манна барыта оҕо туһугар анаммыт.Чахчы үлэлэригэр бэриниилээх, биир санаанан үлэлиир-хамныыр коллектив айа-үлэлии сылдьара тута харахха быраҕыллар. Инникитин оҕо ньээкэ уйатыгар анаан Саҥа Таас Уһуйаан тутулларыгар ис сүрэхтэн баҕа санаабытын этэбит. «Чычып-чааптар» өссө айыҥ-тутуҥ, саҥаттан саҥаны кэрэхсээн киллэрэн иһин, үгүс кыайыылары, ситиһиини, табыллыыны баҕарабыт, доруобай, дьоллоох буолун, дьиэ кэргэҥҥит бигэ туруктаах буоллун!”. Эҕэрдэ чааһыгар Николай Рязанскай “Аан Алахчын” хартыынатынан композиция, оҕолор толорууларыгар Сергей Васильев “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхотуттан быһа тардыы толрулан ыалдьыттары сөхтөрдө. Үөрүүлээх түгэн Мусьяна Сосина тылыгар, Оксана Данилова мелодиятыгар суруллубут уһуйаан гииминэн түмүктэннэ. Сэргэх тэрээһиҥҥэ сырыттыбыт, элбэҕи биллибит, көрдүбүт.
Елена ПОПОВА.