Сайыммыт биир саамай маанылаах сир аһа, — дьэдьэн от ыйыгар силигилии ситэр кэмэ. Дьэдьэн өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар үүнэр эрээри, тоҕо эрэ бары Амма дьэдьэнэ саамай минньигэс дииллэр, Амма дьэдьэнин сураһаллар. Быйыл айылҕа минньигэс бэлэҕэ хайдах үүннэ? Бу туһунан билээри нэһилиэктэргэ эрийэн сурастыбыт.
Дьэдьэн улууска от ыйын 10 күнүттэн көҥүллэммитэ. Сир асчыттарынан биллэр дьоммутун кытта сибээстэһэн нэһилиэктэргэ сибээскэ тахса сырыттыбыт. Ханна да буоллун, дьэдьэн кыралаан баар эрээри, урукку сылларга холоотоххо үүнүүтэ мөлтөх. Сорох нэһилиэккэ суоҕун да кэриэтэ. Аһаҕас сирдэрэ хаппыттар, курааннаабыттар. Арай кэрийэн, от быыһыттан син булуохха сөп дэһэллэр. “Дьэдьэн биир сиргэ сыллата үүммэт. Син биир сынньанар кэмнээх. Онон былырыын элбэҕи үргээбит сирбэр булуом диэн барар сыыһа өйдөбүл” диэн этэллэр уопуттаах сир астааччылар. Аны сорох нэһилиэктэргэ тыатааҕы чугас диэн куттанан тахсыбакка да олороллор эбит.
Быйыл дьэдьэн кэмчи буолан дуу, син сыралаһан булбут дьон дьэдьэннэрин ботуччу сыаналыыллар. Онон олох маттым, эбэтэр үргүөн соччо баҕарбат дьон бэлэм саахардаммыт, эбэтэр барыанньаламмыт дьэдьэни атыылаһыахтарын сөп. Соторутааҕыта Горнай улууһун дьэдьэнньиттэрэ таһаарбыт биллэриилэрин көрдөххө, биһиэхэ да сыана итинник. Биир киилэлээх бытыылка 4900 солк. Былырыын 4000-4500 солк атыылаһыахха сөп этэ. Сорох дьон айылҕа биэрбит баайын аһары да сыаналыыллар диэн этэллэр. Баҕар буолуо. Ол гынан баран, дьэдьэн курдук сыралаахтык үргэнэр сир аһа бука суох буолуо. Онон кини кэмчитинэн сиэттэрэн, үргээччилэр итинник сыана быһалларын омнуолуур табыллыбат курдук. Кыһын минньигэс дьэдьэн барыанньатын сиэххин баҕардаххына, ороскуотураргар тиийэҕин. Ол гынан баран атыылааччы табаара эмиэ хаачыстыбалаах буолара наада. Ону атыылааччылар тутуһаллар ини диэн эрэнэбит эрэ. Дьэдьэни уонна атын да сир аһын «Сандалы» маҕаһыынтан атыылаһыахха сөп.
“Амма олоҕо” хаһыат