Декаданы түмүктүүр тэрээһиҥҥэ Покровка нэһилиэгэ инники күөҥҥэ таҕыста

Амматааҕы Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр улуус үрдүнэн ыытыллыбыт аҕам саастаахтар тэрээһиннэрин түмүктүүр тэрээһин ыытылынна. Сарыардаттан нэһилиэктэр бэйэлэрин бырайыактарын көмүскээтилэр, онтон киэһэ патриотическай ырыа күрэҕэр бастыҥы быһаарыстылар. Бу күрэхтэргэ Покровка нэһилиэгэ элбэхтэ ааттанна. Онтон атын нэһилиэктэр хайдах кытыннылар?

Үөрүүлээх тэрээһини улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова бэйэтин эҕэрдэ, махтал тылларынан аста. “Биһиэхэ аҕам саастаахтарбыт туоххада тэҥнэммэт күндү дьоннорбут, үтүө сүбэһиттэрбит буолаллар” диэн кини бэлиэтээн эттэ уонна бука барыларыгар олоххо көхтөөхтөрүн иһин махтанан туран чэгиэн доруобуйаны баҕарда. Түмүктүүр киэһэҕэ “Үлэ аргыстаах эдэр саас” диэн өрөспүүбүлүкэҕэ биһирэммит, өссө федеральнай таһымҥа тахсар кыахтаммыт бырайыак сүрүннээччилэрэ, ааптардара Наталья Борисова, Оксана Архипова, Римма Дьячковская, Галина Бочугурова үлэлэрин туһунан билиһиннэрдилэр. Алтан нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Татьяна Атласова “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Амма улууһугар салаатын салайааччыта Оксана Архиповаҕа кинилэр нэһилиэктэрэ саҕалаабыт бырайыактарыгар күүс-көмө буола сылдьарыгар дириҥник махтанан туран Махтал суругун туттарда.

 

Бэйэтин эҕэрдэ тылын улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова, улуус спорка уонна физическэй култуураҕа управлениетын салайааччыта Дмитрий Наумов тириэртилэр. Бастыҥ үлэлээх,  биир кэм “тигинии” сылдьар дьон наҕараадалары туттулар. Ол курдук  өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэрин түмэр тэрилтэ Бочуотунай грамотатынан Алтантан Михаил Дьячковскай, Махтал суругунан Болугуртан Оксана Ефремова, Покровкаттан Анна Черкашина, Амма улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан Алтантан Наталья Борисова, Римма Дьячковская, Махтал суругунан урбаанньыт Альбина Аммосова, Амма улууһун дьаһалтатын Махтал суругунан Сулҕаччыттан Любовь Еримеева, Болугуртан Наталья Кононова, Амматтан Надежда Эверстова, дьокутааттар оройуоннааҕы Сэбиэттэрин Махталынан Сулҕаччыттан Тамара Феофанова, Николай Егоров, түөскэ кэтиллэр “Амма улууһун спордун бэтэрээнэ” бэлиэнэн  Лидия Пестерева, Дария Федорова бэлиэтэннилэр.

Мустубут дьону СӨ үтүөлээх артыыһа Александр Ушницкай истиҥ иэйиилээх ырыанан эҕэрдэлээтэ.

Ийэ дойдуга тапталы иҥэрэр, туоһулуур “У меня ты Россия, как сердце одна” диэн ырыа күрэҕэ икки бөлөҕүнэн арахсан барда. Ол курдук ансамбыллар уонна аҕам саастаах эдэр киһини кытта дуэтынан ыллаатылар. Түмүккэ дуэттарга  кыайыылааҕынан Покровка нэһилиэгиттэн Дария Макарова уонна Айыына Степанова “Дойдум устун” диэн ырыаны сахалыы инструменнар доҕуһуолларыгар толорон таҕыстылар. Иккис  миэстэ Соморсунтан Антонина Степанова уонна Туяра Белолюбская “Эйэ, дьол иһин” диэн ырыаны,  үһүс миэстэ Амматтан Матрена Барашкова  уонна Зинаида Бураева “Эйэ холууба” ырыаны, иэйиилээхтик тириэрдэн ыллылар.

Дьэ онтон ансамбыллар ортолоругар бастыҥынан Сатаҕайтан “Дьүрүһүй” ансамбыл ааттанна. Иккис миэстэҕэ Покровкаттан “Полюшко”, үһүс миэстэҕэ Алтантан “Айыллаан” ансамбыллар  таҕыстылар.

“Улууспутугар күн бүгүн 5117 пенсионер, 67 тыыл бэтэрээнэ, 9 сэрии кыттыылааҕын огдообото, 12 сэрии тулаайаҕа, 297 сэрии сылын оҕолоро, 2 Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылаахтара олороллор. Ону сэргэ 29 бойобуой дьайыылар кыттыылаахтара  бааллар. Декадабыт сэргэхтик ааста. Бары нэһилиэктэргэ аҕам саастаахтарыгар анаан араас интэриэһинэй тэрээһиннэр буоллулар. Бары дьоммут олус астынан олороллор. Онон нэһилиэк дьаһалталарыгар, бэтэрээн сэбиэттэргэ махталбын биллэрэбин. Бу түмүктүүр киэһэбитигэр ыытыллыбыт күрэхтэргэ хомойуох иһин араас убаастанар биричиинэнэн арыый аҕыйах нэһилиэк  киирэн кытынна. Ол да буоллар, холобура бырайыактары көрүү интэриэһинэй буолла. Бары да үчүгэйдэр. Онон барыларын ситэрэн-хоторон өрөспүүбүлүкэҕэ киллэриэхпит. Онтон бу күҥҥэ бастыҥ бырайыактаах нэһилиэктэринэн Покровка, Сулҕаччы, Соморсун нэһилиэктэрэ буоллулар. Кинилэргэ харчынан сэртипикээттэр туттарылыннылар”, — диэн улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова билиһиннэрдэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше