Дьикти дьарыктаах дьон сөхтөрдүлэр

Амматааҕы Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр «Кэрэни кэрэхсээ» диэн аан бастакы улуустааҕы коллекционердар түмсүүлэрин улахан тэрээһиннэрэ ыытылынна. Манна значок, марка, открытка, брошь, уруучука, тимэх, магнит, өрүс таастара, шкатулкалар, сүүтүктэр, чэй иһиттэрэ, бэл, зажигалка араас көрүҥэ баар. Быыстапкаҕа Болугур, Амма Наахара, Эмис, Амма, Бөтүҥ коллекционердарын үлэлэрэ турдулар.

 

Коллекционердар улуустааҕы быыстапкаларын тэрийбит, иилээн-саҕалаан ыыппыт Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтин ойуулуур-дьүһүннүүр салаа кылаабынай исписэлииһэ Дария Иванова бэйэтэ чуораанчыктары, былыргы таҥаһы-сабы, иһити-хомуоһу сөбүлээн мунньар эбит. Бу күн кини кулууп дьиэтин биир кабинетыгар Амма бааһынайдарыгар аналлаах дьоҕус эрээри сүҥкэн суолталаах, сэдэх экспонаттардаах, аныгылыы сиэдэрэй гына оҥоһуллубут музей оҥорбутун көрдөрдө. Манна Амма улууһугар бурдук ыһыллыытын историятыттан саҕалаан, маҥнайгы бурдук үүннэрээччилэр аймахтара туттубут маллара-саллара, иһиттэрэ-хомуостара, бурдук тардар таас суоруна көрдөрүүгэ турбуттар.

Аммабыт ытык-мааны олохтооҕо, кэрэни кэрэхсээччи, сцена бэтэрээнэ Анна Васильева нэһилиэк общественнай олоҕор өрүү көхтөөхтүк кыттар. Кини коллекциятын национальнай таҥастаах араас омук куукулалара киэргэтэллэр.
— Олус үчүгэй дьоһун тэрээһин буолла. Биир интэриэстээхтэр мустаммыт ирэ-хоро кэпсэтэн, санаа атастаһан, коллекцияттан бэлэх бэрсиһэн сэргэхсийдибит. Билии-көрүү кэҥээтэ, интэриэс эбилиннэ. Олох оригинальнай, эриэккэс мунньааччыларга анал аат биэрдилэр. Мин биир дойдулаахтарбын, аймахтарбын өнньүөстэри, болугурдары көрсөн дуоһуйа кэпсэтэн ахтылҕаммын таһаардым. Бары маннык түмсүүлээх, көхтөөх, эйэлээх, доруобай сылдьыаҕын! – диэн Анна Андреевна бары кыттыбыт коллекционердарга, тэрийээччилэргэ, көрөөччүлэргэ махталын биллэрэр.

Бүгүҥҥү быыстапкаттан дьон ордук Амма олохтооҕо, урбаанньыт Надежда Мухаметова муспут сэдэх коллекциятын сэргии көрдүлэр. Надежда Михайловна бастаан харчыны мунньан саҕалаабыт, кини коллекциятыгар Сэбиэскэй сойуус харчыта толору баар. Онтон “Саха сирин коллекционердара” группаҕа киириэҕиттэн 10-тан тахса сыл значоктары мунньуунан дьарыктанар.

— Саамай улахан коллекциям В.И. Ленин туһунан буолар. Бэйэм Сэбиэскэй кэмҥэ иитиллибит, улааппыт буоламмын миэхэ октябренок, пионер, комсомол ордук чугастар, күндүлэр. Саамай сыаналаах уонна үчүгэй значоктарым “Чудеса Якутии” уонна зодиактар бэлиэлэрэ буолаллар. Маны таһынан Саха сирин суруйааччыларын мэтириэттэрэ, Амма уонна Чурапчы значоктара элбэх. Бүгүн көрдөрүүгэ сороҕун эрэ аҕаллым, ахсаана төһө буолбутун күн бүгүн этэр кыаҕым суох, — диэн Надежда Михайловна сөбүлүүр дьарыгын туһунан билиһиннэрэр.
Надежда Михайловна бу коллекциятын дьон көрөрүгэр уонна араас быыстапкаларга илдьэ сылдьарга табыгастаах гына анал халыҥ туомнаах кинигэ курдук альбомнарга уурбута атыттарга холобур буолла.

Өссө биир киһи хараҕар тута быраҕыллар ураты, кэрэ коллекциянан Болугур олохтооҕо, “Дьикти эйгэ” коллекционердар түмсүүлэрин чилиэнэ Ульяна Окорокова тимэхтэн тиһэн таһаарбыт сахалыы симэхтээх ат ойуулаах көбүөрүн киэн тутта ааттыахха сөп. Талааннаах иистэнньэҥ Ульяна Егоровна тимэхтэр дьүһүннэрин сөпкө дьүөрэлээн, барытын наардаан, ойуулаан-мандардаан оҥорбута көрүөхтэн кэрэ. Дьэ, чахчы саха Далбар Хотуна талба талааннааҕын көрдөрөр. Тимэхтэн маннык, омуннаабакка эттэххэ, ускуустуба айымньытын оҥорон таһаарар манан аҕай чэпчэки дьыала буолбатах.


Саамай оригинальнай, кимиэхэ да суох, көрбүт эрэ киһи бары соһуйан саҥа аллайа түһэр коллекция Болугур олохтооҕор Татьяна Саввинаҕа баар эбит. Ол – зажигалкалар. Манна лаампа, уруучука, дьахтар мааны саппыкыта, чубуку, чаһы, суотабай, бистэлиэт, боторуон, быһах, помада, хаарты, онтон да атын мал-сал оннооҕор унитаз быһыылаах киһи өйүгэр да оҕустарбат зажигалкалара бааллар.


Дьахтар эрэ барыта сөбүлүүр, хараҕын сымнатар араас үчүгэй брошьтарын, моойго кэтэр мааны симэхтэрин, ытарҕаларын биири да көтүппэккэ сыныйан, кистээбэккэ эттэххэ, ымсыыра даҕаны көрдүм. Ол эрэн болҕомтобун Эмистэн Анна Пестерева коллекциятыгар уурабын. Кини брошьтара – үчүгэйкээн хахханнар. Атын да симэхтэрэ барыта тиэмэлэринэн наардаммыттар.

Хас биирдии коллекционер бэйэтин сөбүлүүр дьарыгын астына кэпсиир, дуоһуйа көрдөрөр. Холобура, Амма олохтооҕо Мира Харитонова кыра музыкальнай иистэнэр массыыналарын киһи эрэ барыта сөбүлүү көрдө. Амма Наахаралар Амма эбэ араас быһыылаах-таһаалаах, дьоллоох эрэ дьоҥҥо көстөр үүттээх таастарын, Болугур олохтооҕо Тимофей Никифоров историческай коллекциятын, Бөтүҥтэн саамай кыра кыттааччы 9 саастаах Аня Татаринова уруучукаларын, Амма олохтооҕо Павел Алексеев ССРС саҕанааҕы фотоаппараттарын, хаартыска оҥорор аппаратын, уо.д.а. коллекцияларын өссө да көрүөххэ, кэпсиэххэ сөп.

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше