Дмитрий Гаврильев архыыбыттан сыаналаах матырыйааллары улууска туттардылар

Биллиилээх документалист-суруйааччы Дмитрий Гаврильев төрөөбүтэ 85 сылынан өссө биир истиҥ, сылаас  иэйиилээх тэрээһин буолан ааста. Национальнай бибилэтиэкэ саалатыгар Дмитрий Николаевич уонна кини төрөппүт кыыһа, филологическай билим кандидата Сардааны Егинова научнай нэһилиэстибэлэригэр анаммыт “төгүрүк остуол” тэрилиннэ. Бу тэрээһиҥҥэ Амма улууһуттан баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова салайааччылаах дэлэгээссийэ киирэн кыттыыны ылла. Бу күн биир  олус суолталаах түгэн буолла. Ол курдук Дмитрий Николаевич кыра кыыһа Мария Гаврильева аҕатын сыаналаах архыыбын Амма улууһун архыыбыгар  туттарда.

Биһиги биир дойдулаахпыт, документалист-суруйааччы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгин, Амма улууһун уонна Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Николаевич Гаврильев быйыл төрөөбүтэ 85 уонна кини кыыһа, Сардана Дмитриевна Егинова төрөөбүтэ 60 сылыгар анаммыт тэрээһиҥҥэ наһаа истиҥ иһирэх кэпсэтии буолан ааста. Дмитрий Николаевич үлэлээн, олорон ааспыт олоҕор анаммыт быыстапканы бары сэргии көрдүбүт.

Бу тэрээһиҥҥэ биир бэлиэ түгэнинэн суруйааччы Амма улууһугар сыһыаннаах сүдү историческай суолталаах, бэйэтэ оҥорон хаалларбыт үйэтитиигэ анаммыт докумуоннарын улуус архыыбыгар туттарыы буолла. Дмитрий Николаевич бэйэтин кыраһыайбай буочарынан суруйан хаалларбыт олус сэдэх докумуоннары тутан долгуйдубут. Олус сыаналаах матырыйааллар. Биллэн туран бу докумуоннарга өссө үөрэтиллэ илик докумуоннар бааллара чахчы. Биллиилээх кыраайы үөрэтээччибит  архыыба биһиэхэ суох этэ. Олус үчүгэйдик харалла сыппыт докумуоннары кыыһа Мария Дмитриевна Гаврильева ааттаан-суоллаан туттарбытыттан наһаа үөрэбит уонна дириҥ махталбытын тириэрдэбит.

Бу тэрээһиҥҥэ Дмитрий Николаевич олоҕун аргыһа Анна Федосеевна сырытта. Кини куруутун үөрэ, сырдыгынан сыдьаайа сылдьар киһи.   Кыттыбыт дьон бары үөрэн, санаалара көтөҕүллэн бардылар. Ол курдук Таатта улууһуттан Баайаҕа нэһилиэгиттэн кэлбит  дэлэгээссийэ улууска дириҥ махталын тириэрдэн барда. Бу күн Дмитрий Николаевич улахан кыыһа Сардаана Дмитриевна эмиэ элбэх научнай үлэни суруйан хаалларбытын тула кэпсэтии буолла. Кини Дьокуускай университетыгар преподавателинэн, ректоры үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлээбитэ. Баара буоллар өссө элбэҕи оҥоруо эбит диэн кини чугас дьүөгэтэ, университет культурологияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ Людмила Степановна Ефимова истиҥ тылынан аҕынна. Дмитрий Николаевич үтүө аатын салҕааччылардааҕынан киһи үөрэр. Холобура сиэннэрэ, хос сиэннэрэ үөрэх бөҕөтүн ыла сылдьаллар. Калифорнияҕа олорор хос сиэнэ эһэтин кинигэлэрин ааҕарын этэр. Куйаар нөҥүө тахсан кэпсэтиигэ кытынна. Ол курдук өссө Алма Атыга олорор Айаал диэн сиэнэ кэпсэтиигэ кыттыыны ылла. Кинилэр төһө да Саха сириттэн ыраах олордоллор, олох ыраастык сахалыы саҥаралларын хайгыы бэлиэтээтибит. Гаврильевтар аммалар биир тарбахха баттыыр дьоһун ыаллара буолаллар. Кыра кыыһа Мария адвокат, биллэр уопсастыбаннай үлэлээх киһи. Онон Дмитрий Николаевич аатын ааттарар дьоһун дьоннордоох, ыччаттардаах”, — диэн Катерина Сольксиевна ыытыллыбыт тэрээһин туһунан сэргэхтик сырдатта.

Ити курдук биир дойдулаахпыт, баарыгар  “хаама сылдьар энциклопедия” диэн сүрэхтэммит Дмитрий Гаврильевка уонна кини кыыһыгар Сардаана Егиноваҕа анаммыт дириҥ ис хоһоонноох, истиҥ тыыннаах кэпсэтии буолан ааста. Кэпсэтиигэ кыттыыны  Дьокуускайтан  Национальнай архыып сүрүн архивиһа  Вячеслав Сергеевич Сивцев, Таатта улууһун Баайаҕатыттан, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, ССРС,  РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, кыраайы үөрэтээччи  Татьяна Игнатьевна Андросова, поэт, публицист, тылбаасчыт, Россия суруйааччыларын Сойууһун бырабылыанньатын  сэкэрэтээрэ, Саха Сирин суруйааччыларын  сойууһун бырабылыанньатын  бэрэсэдээтэлин солбуйааччы, » Чолбон» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ, СӨ култууратын туйгуна, кыраайы үөрэтээччи  Гаврил Гаврильевич Андросов, разведчик Андросов хаан-уруу чугас аймаҕа, биллииллээх фотожурналист, буулдьанан ытыыга ССРС спордун маастара, Европа чемпиона Анатолий Максимович Мыреев ылан истиҥ иһирэх, махтал тыллаах санааларын тириэртилэр.

Биллиилээх кыраайы үөрэтээччибит хаалларбыт архыыбын туһунан өссө сырдатыахпыт.

Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше