Бөтүҥ нэһилиэгин норуот айымньытын киинигэр аҕам саастаах дьоммутугар аналлаах бэтэрээннэр Саҥа дьыллааҕы бааллара Амма, Амма Наахара, Бөтүҥ нэһилиэктэрин олохтоохторун түмтэ. Амма Наахара көхтөөх Далбар Хотуттара «Эгэлгэ» тумсүү салайааччыта Лариса Унарова көҕүлээһининэн, Бөтүҥнэр ыҥырыыларынан баран кэллилэр. Ыҥырыылаах ыалдьыттар биэчэргэ Бөтүҥ кулуубун үлэтин, ыччаттар нүөмэрдэрин, Амма „Солобуода“ үҥкүүлэрин дуоһуйа көрдүлэр. Тэҥнээхтэрин кытта алтыһан, сэлэһэн Саҥа сыл үүнэр күннэрин үөрэн көрүстүлэр.
Бу күн айымньы дьиэтин үлэһиттэрэ араас күрэхтэри, оонньуулары ыыттылар.
Маскарад күрэҕэр баҕалаахтар мааска оҥостон кэлэн көхтөөхтүк кытыннылар. Күрэххэ көҥүл тиэмэнэн киһи бэйэтэ тутан-хабан оҥоһуктара сыаналанна. Өнньүөстэн Марианна Чен быйылгы сыл бэлиэтэ Дракон буолан маҥнайгы миэстэни, Графиня уонна Граф маскараады тиктибит Галина Мартынова, Валентина Захарова үһүс миэстэни ыллылар. Кэрэ сэбэрэлээх Далбардар имигэс илиилэринэн тикпит «Cаҕа» күрэҕэ ыытылынна. Манна биһиги салайааччыбыт Лариса Унарова үһүс миэстэни ылары ситистэ. Бэйэ оҥоруута Саҥа дьыллааҕы ачыкы оҥоһугун күрэҕэр Нина Гаврильева үһүс миэстэҕэ тахсан ситиһиилиин сиэттистэ.
Далбар хотуттары көрсөн дойдум сонунун сурастым. Бөтүҥтэн төрүттээх Наталья Ефремова: «Наһаа үчүгэй көрсүһүү буолла, махтал барыларыгар! Бөтүҥ кулууба былыыр былыргыттан бастыҥ киэргэтиилээх буолааччы, сыл ахсын киэргэтиитин, бырааһынньыгы ыытыыны балтыларым кэпсээччилэр. Биэчэргэ наһаа элбэх киһи миигин көрөн, «Оо, эн аҕаҥ саҕанааҕы Саҥа Дьыллар наһаа да үчүгэй киэргэтиилээх буолааччылар. Ролик тутааччы кыыс» — диэтилэр аҕай. Аҕабын наһаа күндүтүк саныыллар эбит диэн эмиэ да үөрдүм, эмиэ да уйадыйдым».
Бөтүҥтэн төрүттээх Полина Кононова~ «Ахтар-саныыр төрөөбүт Бөтүммэр тиийэн үөлээннээхтэрбин көрсөн, олус кэрэ көрсүһүүгэ сылдьан сэргэхсийэн, ыллаан-туойан дуоһуйан, астынан кэллим. Бөтүҥ кулууба олох уруккуттан таһаарыылаахтык үлэлиир. Билигин өссө сайдан, тупсан иһэллэрэ тута харахха быраҕыллар. Тэрээһиннэрэ оһуобай үчүгэй. Маны этэн эрдэхтэрэ «На высшем уровне» диэн. Бииргэ алтыһар дьүөгэлэрбэр, салайааччыбытыгар Лариса Ивановнаҕа махтал бастыҥа буоллун! Саҥа сылга доҕордоһуу аана аһылынна!».
Нэһилиэкпитигэр сахалыы остуол оонньуутун көҕүлээччи Нина Гаврильева: «Наһаа үчүгэй Саҥа дьыл буолла. Барыта сып-сап курдук сааһыланан түргэн-түргэнник элбэх тэрээһиннэр буолбуттара астыгыан! Көрсүһүү, кэпсэтии, үҥкүү, ырыа, алтыһыы, аһааһын, күрэх, оонньуу. Кулууп үлэһиттэрэ сэргэхтэрин сөхтүм. Нэһилиэнньэ көхтөөҕүн көрөн үөрдүм, олус да үчүгэй түмсүүлээхтэр эбит дии санаатым».
Дьоро көрсүһүүнү тэрийбит Лариса Унарова: «»Эгэлгэлэрим» ыҥырыыны ылынан, көх-нэм буолан барытыгар бары кыттыһан көхтөөхтүк кыттан, бэйэбит сынньалаҥмытын тэрийсэн олус үчүгэйдик биир санаанан салайтаран ситиһиилээхтик баран кэллибит. Барҕа Махтал буоллун, барыгытыгар. Суоппар уолбутугар, оҕобутугар Юрий Александровка эмиэ Махтанабын. Икки күн наһаа үчүгэйдик илдьэ сырытта. Бастаан Аммаҕа, иккис күн Бөтүҥҥэ. Коллекционердар шефтэһэр буоллубут. Бэйэ — бэйэбитигэр өйдөбүнньүк бэлэх бэрсибиппит эмиэ сонун үөрүү буолла. Өрүү олох үөһүгэр сылдьарбытыттан олуһун үөрэбин».
«Бары астынан, дуоһуйан аҕай кэллибит. Кулууптарын киэргэтиитэ наһаа астык! Эдэр ыччаттара эчи көхтөөхтөрүн! Кэнсиэрдэригэр бииртэн биир киһини үөрдэр нүөмэрдэри көрдүбүт, үҥкүүлэрэ үчүгэйиэн! Таҥастара да сыаналаах бөҕө эбит! Кулууп үлэтэ олох оргуйан олороро көстөр. Махтал Анна Федоровнаҕа уонна кини кэлэктиибигэр! Өрүү маннык айа -тута сылдьыҥ!» -дэһэллэр биһиги ийэлэрбит, эбэлэрбит.
Барыга көхтөөх Далбар хотуттарбыт өрүү маннык тэтимнээхтик үлэлии-хамсыы сылдьыҥ, эдэрдэргэ холобур буолуҥ!
Ирина Корякина – Олесова.