Дьоҕурдаах, тарбаҕар талааннаах Вася Слепцов

Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо сыла биллэриллибитэ. Онтон биһиги күннээҕи олохпутугар араас кистэнэ сылдьар талааннаах оҕолору кытары алтыһабыт, күннэтэ көрсөбүт. Тыа сиригэр оҕолор ийэ айылҕаны кытта алтыһан, чугас дьоннорун мындыр этиилэрин иҥэринэн улааталлар. Мин бүгүн кэпсиир уолчааным дэгиттэр талааннаах, ураты дьоҕурдаах оҕо дии саныыбын.  Кини 12 саастаах, 7-с кылаас үөрэнээччитэ Вася Слепцов буолар. Вася бэйэтигэр күннээҕи былаанын  туруорар, ол ситэрин сөбүлүүр уолчаан.

Вася алын сүһүөх кылаастарга үөрэнэ сырыттаҕына кинилэри кытары барыга талааннаах ийэтин ийэтэ, эбэтэ Любовь Ильина кыракый балтытын Лияны көрсөн олорбута. Эбээ Люба арааһы оҥорорун ымсыыра көрөн Вася эбэтин аттыттан арахсыбат идэлэммитэ.  Кыра эрдэҕиттэн  эппиэтинэстээх оҕо кыралаан айар-тутар дьоҕура аһыллан барбыт. Аныгы оҕо барыны бары интэриэһиргиир. Оҕо дьоҕурун кыра сааһыттан таба көрөн сайыннардахха, үгүһү ситиһиэн сөп дии саныыбын. Этэргэ диэри, бастакы укулаатын уурарга Любовь Дмитриевна улахан үлэни ыыппыт. Эбэлэрэ дьиэҕэ үлэ кэннэ хаалар бириэмэни өрүү туһалаахтык атаарарга үөрэтэр. Вася  интернет нөҥүө, быраҕыллар дьааһыктары уонна кумааҕылары силимнээн киинэлэргэ сурунаалларга сөбүлүү көрбүт быһахтарын, араас бэстэлиэттэри, саалары оҥорон барбыта.

«Бастакы оҥоһугум дьоппуон танто быһаҕа, онтон “выдвижные ножи” оҥорбутум. USP пистолет, Butterfly морской пехота быһаҕа, Индонезия Karambit быһаҕа, 18-с үйэҕэ оҥоһуллубут Fang/Клык быһах, Япония Кunai быһаҕа, онтон да атын элбэҕи оҥордум. Эбэбин кытары өссө кырааска ыстаран хартыына уруһуйдуурга үөрэммитим. Балтыбар сундуук, дьиэбэр киэргэл башня оҥорбуппутуттан олус астыммытым», — диэн кэпсиир Вася, бастакы саҕалааһыннарын туһунан.

Эбэтэ Любовь Дмитриевна ыллыыр, үҥкүүлүүр дьоҕурдаах, иистэнэр даҕаны, быһатын барыны оҥорор талааннаах. Бэйэтэ биология учууталынан үлэлээбитэ.  Билигин пенсияҕа олорор.

«Оскуолаҕа учууталлыыр кэмнэрбэр үөрэнээччилэрбэр араас быраҕыллар матырыйааллартан күннээҕи олоххо туттар киэргэллэри,  миэбэллэри оҥотторорум. Күрэххэ кыттарбыт, миэстэлэһэрбит. Биирдэ миэстэҕэ тиксибэккэ хомойон турдахпына, Витя Третьяков диэн үөрэнээччим «Любовь Дмитриевна, олох хомойума! Биһиги улааттахпытына эн дьарыккар сылдьан үөрэммит оҥоһуктарбытын бэйэбит дьиэбитигэр оҥостуохпутун сөп эбит диэн биллэхпит» диэбитигэр хайдах эрэ олуһун үөрбүтүм, долгуйа истибитим. Үөрэнээччи махтал тыла үөрэтэр киһиэхэ олус итиитик иһиллэр эбитин билбитим. Сиэним Вася кыра сылдьан космоһы олус интэриэһиргиирэ. Ийэтэ Анна Владимировна үлэлиир библиотекатыгар “Библионочь” тэрээһин ыытыллыбытыгар кыттан турабын. Онно маастар кылааспар ыһар кыраасканан хартыына оҥорорбун Вася көрөн бэйэтэ хартыына уруһуйдаабыта. Вася интернетка туох эрэ сонуну көрөн интэриэһиргээтэҕинэ өрүү оҥотторорго көмөлөһөн дьулуһарым. Арыт тыаттан мас хомуйан ийэтигэр макраме баайарыгар мас аҕалааччы. Сиэним кумааҕыттан, хордуонтан араас оҥоһук оҥоһулларын билэ улаатта, кумааҕы мастан туох да атына суоҕун, сөпкө тутуннахха кытаанаҕын дакаастаата диэн үөрэбин. Бастакы оҥорбут кириэһилэбэр алта сиэним бары олордулар, оннук бөҕө! Васяҕа төрөөбүт күнүгэр харчы биэрбиппэр сиэним килиэй, кырааска ылан оҥоһуктарын кырааскалаабытыгар, килиэйдээн барбытыгар төһөлөөх үөрбүтүм буолуой!? Уонна сиэннэрбин дьарыктаах буолалларын ирдиирим. Ханна баҕар үлэһит киһи тугу барытын сатыыр, үлэ өйү үлэлэтэр, киһи характерын оҥорор. Үлэ, тулуур, дьулуур, эппиэтинэс, эппит тылга туруу —  бу олоххо киһи саамай туллар тутааҕа дии саныыбын» — диэн үөрэ-көтө кэпсиир Любовь Дмитриевна.

Сиэнэ Нарыйа түөрт саастааҕар, Вася алталааҕар араадьыйа фондатыгар Күн Дьирибинэ «Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс» уонна  «Сахсырҕа уонна Таракаан» үгэни нойосуус ааҕан тураллар. Вася иллэрээ сыл Кыайыы күнүгэр араадьыйаҕа быһа эпииргэ интервью биэрбитэ уонна «Тыыннаахтар умнубат сыллара» хоһоону өрөспүүбүлүкэ истээччилэригэр доргуччу аахпыта.  Аны Вася астыырын эмиэ сөбүлүүр. Ордук  лагманы ордорор. Олус үөрүнньэн уол төрөппүттэрэ үлэттэн кэлэллэригэр итии астаах, сылаас чэйдээх көрсөр. Любовь Дмитриевна кыргыттара Надежда, Анна эмиэ илиилэригэр талааннаах, аныгы көрүүлээх ыал ийэлэрэ. Бу эдэр ыалларга оҕолор бары тус-туспа дьарыктаахтар. Холобур Аина минньигэс туортары астыыр, уруһуй кини олоҕор эмиэ бастакы миэстэҕэ турар сөбүлүүр дьарыга буолар.  Онтон улахан сиэннэр Артем, Вова спорду өрө туппут уолаттар. Вова сноубордка, Артем хайыһарга оскуола саастарыттан дьарыктаналлар. Билигин устудьуон уолаттар үөрэх таһынан сөбүлүүр дьарыктарын бырахпакка иллэҥ кэмнэрин  аныыллар.

Хас биирдии киһи орто дойдуга туох эрэ талааннаах айыллан кэлэр. Талааны сөптөөхтүк сайыннарыы уонна таба туһаныы — бу улахан эппиэтинэс. Мындыр толкуйдаах, тобуллаҕас өйдөөх, тарбаҕар дэгиттэр талааннаах Вася Слепцов баҕар аҕыйах сылынан сөбүлүүр дьарыгын сайыннаран, айар-тутар сөбүлүүр идэлээх, идэтиттэн дуоһуйууну ылар Саха Саарына буола улаатыа эбэтэр үлэтин таһынан эбии дохуот киллэринэн талааннаах уус буолан тахсыа диэн эрэнэ саныыбын.

Ирина КОРЯКИНА -ОЛЕСОВА

Читайте дальше