Дойду салгына байыастарга күүс эптин

Бу күннэргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, аммалар, дойдуларын буоругар үктэннилэр. Үгэс быһыытынан кинилэри көтөр аал пуордугар дьоно көрүстүлэр.

Майскайтан сылдьар байыас Андрей Д. Саҥа дьыл үүнэр күнүгэр, Чапчылҕантан Павел Д. тохсунньу 3 күнүгэр Дьокуускай пордугар көтөн кэллилэр. Сахалыы сиэринэн арыылаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан кинилэри «Саха сирин тимир суола» хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Местников, СӨ  айылҕа харыстабылын миниистирэ Евгений Перфильев, СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистири маҥнайгы солбуйааччы Анатолий Потапов, Амма улууһун баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы Нюргуяна Илларионова,  Амма улууһун дьаһалтатын исписэлииһэ Аграфена Матвеева, Чапчылҕан баһылыгын солбуйааччы Василий Ефимов, анал байыаннай дьайыы опорнай пуунун волонтера Василий Швердин, саллааттар төрөппүттэрэ, чугас дьоно Михаил Дедюкин, Ярослав Сергеев, Евгений Дивдевилов көрүстүлэр. Ил Дархантан саха быһаҕын туттаран баран уолаттар дойдуларыгар кэлэн күүс-уох ылынан, сылааларын таһааран баралларыгар алгыс тыллары анаатылар.

Түгэнинэн туһанан Павел Д. Новосибирскайтан көтөрүгэр ис сүрэҕиттэн күүс-көмө буолбут,суһал быһаарыныылары ылбыт Ирина Богинскаяҕа уонна кини дьиэ кэргэнигэр, «Амма» түмсүүттэн Наталья Филипповаҕа  Новосибирскайга көмөлөһөр киһини буларга  кыһамньыылаах сыһыаныгар улуус дьаһалтата дириҥ махталын тиэрдэр.

«Амма олоҕо» хаһыат.

Читайте дальше