Баһылык маҥнайгы солбуйааччыта Василий Бураев анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытта көрүстэ. Хорсун уолаттарга “Амма киэн туттуута” билинии бэлиэтин долгуйан туран туттарда.
Бу күннэргэ анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уонча байыас уоппускаларыгар кэлэ сылдьаллар. Күүтүүлээх сынньалаҥнарын кэмигэр кинилэр улуус баһылыгын маҥнайгы солбуйааччы Василий Бураевы кытта көрсөн ирэ-хоро кэпсэттилэр.
-Уолаттарбыт этэҥҥэ сулууспалыы сылдьалларын истэн санаабыт көнньүөрдэ. Кинилэр Саха сирин, Амма улууһун волонтердарыттан көмө тиһигин быспакка кэлэр, онон дурдалаах-хаххалаах курдук сананабыт диэбиттэриттэн ордук үөрдүм. Ол аата фондабыт, общественнай тэрилтэлэрбит үлэлэрэ, сыралара халтайга хаалбат буоллаҕа. Аны аҕыйах хонугунан мин бэйэм, депутаттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, Соморсун нэһилиэгин баһылыга Алексей Кононов буолан гуманитарнай көмө, саллааттар дьиэ кэргэттэриттэн аадырыстаах баһыылкалары илдьэ фроҥҥа барыахтаахпыт. Ол эрэн сүрүн сыал-сорук — байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын көрдөһүүлэринэн техническэй сэбилэниини тиэрдии буолар. Онон эрэллээх тыыл көмөтүнэн байыастарбыт сотору кэминэн дойдуларыгар кыайыы сүгэһэрдээх төннө охсуохтара диэн эрэнэбит,- диэн Василий Иванович санаатын үллэстэр.