“Дойдубут салгынын аҕалбыккыт”

Амма улууһун делегацията анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарга баһыылкалары тиэрдэр сыаллаах командировкалара салҕанар. Сырыы табылларыгар бэл күн-дьыл кытта анаабыт курдук туран биэрдэ.

Улуус баһылыгын маҥнайгы солбуйааччы Василий Бураев, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, Соморсун нэһилиэгин баһылыга Алексей Кононов Украина сиригэр үлэлэрэ сарсыарда 6 чаастан, халлаан сырдыыта саҕаланар. Биир дойдулаахпыт, Донецкай народнай өрөспүүбүлүкэҕэ баар Саха сиринээҕи тирэх пуун куратора Петр Лебедев өйөбүлүнэн икки массыына көрүллэн, онно толору таһаҕас тиэнэн нэһилиэктэринэн Амма байыастарын көрсө бараллар. Бүгүн эмиэ сүүрбэччэ уолу көрүстүбүт диэн төлөпүөнүнэн кэпсэтиибитигэр этэллэр.


Нэһилиэктэр икки ардылара чугас соҕус буоланнар балачча элбэх сиргэ сырыттыбыт. Дьиктитэ баар, күн-дьыл туруга ити икки ардыгар сүрдээҕин араастаһар эбит. Биир сиргэ хаар түһэ турар буоллаҕына, 50-ча килэмиэтири айаннааккын кытары ардахтаах, күөх оттоох нэһилиэккэ тиийиэххин сөп. Хата, үөрүөхпүт иһин, биһиги дьолбутугар туман түһэн биэрдэ, инньэ гынан иһирдьэ соҕус, фроҥҥа баар уолаттарбытыгар, танкистарга кытта тиийэ сырыттыбыт. Эрдэттэн болдьоспут буоламмыт дьоммут хата кэтэһэн турар буолаллар. Сорохторго, байыаннай дьайыы бара турар кыраныыссатыгар кыайан тахсыбатахтарга таһаҕастарын хааллардыбыт. Уолаттарбыт үөрүү бөҕөлөрө. “Дойдубут салгынан аҕалбыккыт” диэн олох ис сүрэхтэриттэн дьоллоноллор, оҕолор суруктарын аахтахпытына уйадыйан ылабыт дииллэрин истэн киһи бэйэтэ даҕаны хараастар.

Икки массыынаҕа толору тиэммит аспытын, таһаҕастарбытын, буойуттарбыт сакаастарынан баһыылкаларбытын тарҕатан күҥҥэ 400-600 килэмиэтири айанныыбыт. Комендантскай чаас буолуор диэри опорнай пууҥҥа эргиллэн кэлиэхтээхпит, онон түргэн-тарҕан соҕустук да буоллар элбэх киһини көрсөммүт күннээҕи сыалбытын-сорукпутун ситиһэбит,- диэн Владимир Владимировичтаах айаннарын хаамыытын ыраахтан сиһилии билиһиннэрэ олороллор.


Бу сырыыга командировкалаахтар Амма буойуттарыгар барыларыгар мамонт муоһуттан харысхаллары, Амма улууһа гербэлээх шевроннары туттартаатылар. Үрдүк, сырдыкы күүстэртэн алгыстаах харысхаллар уолаттарбыт тыыннарын харыстаатын, этэҥҥэ, доруобай эргиллэн кэлэр күннэрин бары күүтэбит.

“Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше