Дмитрий Николаевич сырдык аатын уонна кини чинчийэр үлэтин үйэтитиинэн дьиэ кэргэнэ утумнаахтык дьарыктанар. Бэлиэ кэмнэргэ быыстапкалары, төгүрүк остуоллары тэрийэллэр, ыстатыйалары, ахтыылары бэчээттэтэллэр, төрөөбүт Амма-Наахара нэһилиэгин кытта ыкса ситими туталлар. Сурунаалбыт бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов документалист-суруйааччы кыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин адвокаттарын коллегиятын чилиэнэ Мария Гаврильеваны кытта сөбүлэсиһии быһыытынан ахсынньыга Д.Н. Гаврильев төрөөбүтэ 85 сылынан «Чолбон» сурунаал кыраайы үөрэтиигэ бириэмийэтэ олохтоммута.
Олунньу 7 күнүгэр, эрэдээксийэ үлэһиттэрэ уонна дьиэ кэргэнин аатыттан кыыһа Мария Дмитриевна буолан бириэмийэ хамыыһыйатын мунньаҕын ыытан, документалист-суруйааччы Д.Н. Гаврильев аатынан «Чолбон» сурунаал кыраайы үөрэтиигэ бириэмийэтин 2023 сыл түмүгүнэн лауреатын быһаардылар.
Лауреат үрдүк аатын Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр олорор Петр Федотов «Артамонов атыыһыт туһунан аҕыйах тыл» диэн ыстатыйатын иһин ылла. Бу үлэни өрөбөлүүссүйэлэр уонна Гражданскай сэрии долгунугар оҕустаран Кытайга тиийэн өлбүт меценат, бөдөҥ атыыһыт Василий Фомич Артамонов-Өрө Тэбэр Бааска туһунан биир бастакы анаан чинчийии быһыытынан сыаналыахха сөп.
Документалист-суруйааччы кыыһа Мария Дмитриевна: «Аҕам Дмитрий Николаевич архыыбыгар бу Артамонов туһунан чахчылар эмиэ бааллар. Онон умнулла быһыытыйбыт улахан атыыһыт туһунан ыстатыйа ааптара лауреат буолбута кэрэхсэбиллээх» .
«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ.