Бүгүн Саха сирин сүүрбэттэн тахса улууһун буойуннарын туһунан элбэх эрдэ биллибэтэх дааннайдары булан, ааттарын үйэтиппит биир дойдулаахпыт, кыраайы үөрэтээччи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэhитэ, документалист-суруйааччы, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууhун чилиэнэ, Таатта улууhун Баайаҕа уонна Амма улууhун Абаҕа, Амма-Наахара нэhилиэктэрин, Амма улууhун бочуоттаах олохтооҕо, Бүтүн Арассыыйатааҕы “России верные сыны” куонкурус лауреата мэтээллээх, “Үтүөнү үйэтитээччи” номинация лауреата Дмитрий Николаевич Гаврильев төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах миитин Аммаҕа олорбут дьиэтин таһыгар буолан ааста.
Манна Дмитрий Гаврильев аймах-билэ дьоно, бииргэ үлэлээн, алтыһан ааспыт доҕотторо, үөлээннээхтэрэ, кини сырдык аатыгар сүгүрүйээччилэр уонна историяны кэрэһэлээччилэр тоҕуоруһа муһуннулар. Үбүлүөйдээх миитиҥҥэ чаҕылхай киһини улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Александрова, Амма-Наахара нэһилиэгин баһылыга Захар Александров, “Тэтим” түөлбэ салайааччыта Анатолий Федоров уонна кинини кытта өр сылга ыкса ыаллыы олорбут доҕотторо үтүө-истиҥ, махталлаах тылларынан ахтан-санаан аастылар. Манна туох баар мустубут ыалдьыттар талааннаах улуу киһи Дмитрий Гаврильев сырдык аатыгар сүгүрүйэн туран өйдөбүнньүк бэлиэҕэ сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Тэрээһин В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Амматааҕы Киин библиотекаҕа улахан ахтыы киэһэтинэн салҕанна. Манна улуус баһылыгын солбуйааччы Нюргуяна Илларионова, Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев, суруйааччы аймах-билэ дьоно-сэргэтэ, итиэннэ олоҕун аргыһа Анна Федосеевна, оҕолоро Дмитрий, Мария, сиэннэрэ Айаал, Дима, хос сиэнэ Сардаана, Амма Наахара уонна Абаҕа нэһилиэктэриттэн, бииргэ үөрэммит, алтыспыт доҕотторо, үөлээннээхтэрэ, учууталлар, ыччаттар, түмэл, архыып, библиотека үлэһиттэрэ, историяны кэрэһэлээччилэр, кыраайы үөрэтээччилэр уонна кини аатыгар сүгүрүйээччилэр, ону сэргэ, Дьокуускайтан национальнай архыып докумуону туһаныы сүрүннүүр архивируһа Вячеслав Сивцев, Таатта Баайаҕатыттан модельнай бибилэтиэкэ сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Александра Кустурова, кыраайы үөрэтээччи, Баайаҕа, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, РСФСР, ССРС үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Татьяна Андросова, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Баайаҕа нэһилэгин бочуоттаах олохтооҕо , методист-учуутал Галина Неустроева, Дьокуускайтан национальнай архыып докумуону туһаныы отделын сүрүннүүр архивиһа Вячеслав Сивцев кыттыыны ыллылар. Дмитрий Николаевич олоҕун, айар үлэтин туһунан сиһилии кылгастык Амматааҕы Киин библиотека ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа сэбиэдиссэйэ Елизавета Владимировна Сидорова кэпсээтэ. Түмүккэ документалист-суруйааччы кэргэниттэн Анна Федосеевнаттан үтүө киһи үйэлэргэ оҥорон хаалларбыт нэһилиэстибэтэ инникитин хайдах ааттаныахтааҕын, салҕанан барыахтааҕын туһунан санаатын иһиттибит: «Үтүө киһи оҥорбут дьыалата үйэлэргэ умнуллуо суохтаах, кэлэр кэнэҕэски ыччат ону салҕаан барыахтаах» — диэн баҕа санаатын этэр.
Тэрээһини муниципальнай архыып начальнига Катерина Окорокова уонна кииннэммит бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаатын сэбиэдиссэйэ Елизавета Сидорова ыыттылар. Бу күн кэлбит ыалдьыттар Дмитрий Гаврильев кинигэлэрин быыстапкатын сэргии көрдүлэр.
Артем ОСИПОВ.