Дьоллоох Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр “Үргэл” арт-галереяҕа Боло Күүлэкээнтэн төрүттээх, Омоллоонтон сыдьааннаах, кулун атах култууралаах, саха омук төрүт култууратын баай нэhилиэстибэтин – норуот уус-уран оҥоhуктарын үйэтитэр, сайыннарар, кэрэни, үйэлээҕи үксэтэр, уйгуну-быйаңы тардар айымньылаах «Кэрэ кэм кэрэһитэ – Болугур!» диэн ааттанан Болугур нэһилиэгин норуотун маастардарын, талба талааннаахтарын айар быыстапкалара арылынна. Болугурдар Аммаҕа ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн ыытыллар биир тэрээһиннэрэ буолар.
Быыстапка арыллыыта алгыс тылтан, дьөһөгөй үҥкүүтүнэн саҕаланна. Кэлбит дьон үтүө үгэһи утумнаан, “ыллыктаах тылбыт, баҕа санаабыт барыта тиийдин” диэн ситии саламаны тардан, баҕа санаа бастыҥын этэн кырадаһыннары баайдылар. Бу кэнниттэн болугурдар сахалыы сиэринэн арыылаах алаадьынан айах тутан күндүлээтилэр.
Быыстапкаҕа Болугур эрэ буолбакка, улуус барыта киэн туттар маастардара бэйэлэрин үлэлэрин туруордулар. Ол курдук Амма улууhун «Айар уус» общественнай түмсүү салайааччыта, Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, оҥоһугу киэргэтэр ускуустуба уустук кɵрүңүн — туойунан уhаныыны дириңник үɵрэтэн-чинчийэн, ньымаларын баһылаан, айымньылаахтык үлэлиир Степан Прокопьевич Устинов, сабынан баайыыны искусство таһымыгар таһаарбыт, дьиң сахалыы тыыннаабыт Амма уонна Болугур нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, “Амма улууһугар культура уонна искусство сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин” анал бэлиэ хаһаайката Стручкова Валентина Васильевнана — Сарыада Уус, дьол, уйгу-быйаң чороонун ураннаан чочуйар талааннаах маастар, Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Федотов Егор Иннокентьевич, саха тѳрүт ииhин көҕүлээччи, уhуйааччы Новикова Клавдия Алексеевна, саха мандар оһуорун сирдээх – халлаанныын ситимниир, ойуу тылынан олох оҥоһуутун сэһэргиир Ульяна Майродовна Михайлова – Маай кыыһа, Амма улууһун «Уран уус» анал бэлиэ хаһаайката, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Ситиһии” оҥоһугу киэргэтэр ускуустуба күрэҕин ситиһиилээх кыттааччыта, Болугур нэһилиэгин «Кыбытык тигии” куруһуок салайааччыта Изабелла Васильевна Гаврильева, үүнэр көлүөнэ ыччакка, өбүгэ үтүө үгэһин үөрэтэр “Эбээ оскуолата”, “Арчылаана” эбэлэр түмсүүлэрин салайааччытын, Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Ульяна Ивановна Иванова бар дьоннорун иннилэригэр тахсан кэккэлии турдулар, үлэлэрин билиһиннэрдилэр.
Бэйэлэрин эҕэрдэ тылларын СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев, өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Сергей Семенов, “Симэх” норуот искусствотын уонна уус уран оҥоһуктарын национальнай киинин дириэктэрэ Яна Игнатьева, Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччыта Нюргуяна Илларионова, Болугур нэһилиэгин баһылыга Андрей Петров, улуустааҕы култуура уонна норуот айымньытын управлениетын салайааччыта Иван Иванов, “Амма түмсүү” салайааччыта Александр Кузьмин, “Болугур түмсүү” салайааччыта Маргарита Викитярова тириэртилэр, салгыы айымньылаах үлэни баҕардылар, болугурдар киллэрэр кылааттарын иһин махтаннылар, наҕараадалары туттардылар.
“Быыстапкаҕа болугурдар бэйэлэрин маастардарын үлэлэрин, М.А. Ноговицын аатынан култуура дьиэтин иһинэн үлэлиир түмсүүлэр үлэлэрин көрдөрдүлэр. Кэлбит дьон олус сэргээтилэр. Сырдык сиригэр уотугар ыытыллыбыт экспедиция түмүгэр көстүбүт, сахалар 14-16-с үйэлэргэ этнос быһыытынан айыллан тахсыбыт Кулун атах култууратын болугурдар күн бүгүҥҥэ диэри материальнай култуураларыгар илдьэ сылдьаллар диэн бэлиэтээн эттилэр. Быыстапка олунньу 29 күнүгэр диэри “Үргэл” арт-галереяҕа турар. Ким баҕалаах баран билсиэн, көрүөн сөп”, — диэн баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова санаатын үллэһиннэ.
Хаартыска: Роман Митиненко
“Амма олоҕо” хаһыат