«Доруобуйа» национальнай бырайыак киэҥ Россия ханнык баҕарар муннугар ситиһиилээхтик үлэлиир. Олохтоох нэһилиэнньэ доруобуйата туруктаах буоларын туһугар болҕомто, кыһамньы уурулларын биир холобурунан Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгин ааттыахха сөп.
Улуус кииниттэн уонча көстөөх сиргэ Чурапчы оройуонун кытта быысаһар Амма улууһун биир уһук нэһилиэгэр Сулҕаччыга эмчиттэр көмөнү кэмигэр, хаачыстыбалаахтык оҥороллоругар табыгастаах усулуобуйа толору баар.
2019 сыллаахха үлэҕэ киирбит, аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир фельдшерскэй пуун, суһал көмө саҥа массыыната, медицинскэй үлэһиттэринэн толору хааччыллыы барыта көрүллэн олохтоохтор абыраналлар.
—Сэбиэскэй кэмнээҕи мас тутуу курдук буолуо дуо, киэҥэ-куоҥа, сырдыга үчүгэй бөҕө. Улуус кииниттэн быраастар көрө кэллэхтэринэ тус-туспа хосторунан олорон нэһилиэнньэни көрөллөрүгэр табыгастаах.
Үлэһиттэр туттар маллара барыта аныгы. Онон Дойдубут президенэ Владимир Путин ыытар политиката, кини көҕүлээһининэн үлэлиир национальнай бырайыактар хас биирдии нэһилиэккэ үлэлииллэрин, туһалара улаханын сулҕаччылар билэбит,- диэн учуутал Дария Христофорова санаатын тиэрдэр.
«Амма олоҕо» хаһыат.