Дьон махтала буоллаҕа — сирдээҕи дьол диэн

Саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Федосеевич Наумов 75 сааһын төрөөбүт дойдутугар киэҥник бэлиэтиир тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Бэҕэһээ прозаигы, драматуру, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин биһигин ыйаабыт сиригэр – Сулҕаччыга көрүстүлэр. Юбиляр кини аатын сүгэр модельнай библиотека өрөмүөн кэнниттэн үөрүүлээх аһыллыытыгар, биир дойдулаахтарын ортолоругар иһирэх чиэстээһиҥҥэ сылдьан олус диэн долгуйда, үөрдэ.

Улуус дьаһалтата улахан өйөбүлүнэн саҥалыы тыыннаммыт библиотеканы киһи билбэт буола уларыйбыт. Эбии тутууланан кэҥээн, сырдаан, толору хааччыллыыланан нэһилиэнньэ дьэ астына билии сомсо кэлэр сирэ буолбут. Сергей Ксенофонтов бэдэрээччиттээх, үс ый устата ыытыллыбыт, 3 мөлүйүөн солкуобайдаах өрөмүөнү олохтоох уолаттар – биригэдьиир Николай Протодьяконов салайыытынан Таив Винокуров, Николай Неустроев кичэллээхтик, санааларын ууран туран кыһамньылаахтык оҥорон болдьоммут кэмҥэ үмүрүттүлэр.

Саҥардыллыбыт, өрөмүөннэммит библиотека үөрүүлээх аһыллыытыгар улуус баһылыга Степан Кузьмин, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, култуура управлениетын салайааччы Иван Иванов, нэһилиэк баһылыга Артем Степанов, норуот суруйааччыта Дмитрий Наумов, саха суруйааччыта Любовь Горохова-Сүүмэх, олохтоохтор кыттыыны ыланнар үөрүү-көтүү өрөгөйө үрдээтэ.

Улууспут баһылыга Степан Николаевич эҕэрдэ тылыгар библиотека үлэтин Дмитрий Федосеевич бэйэтинэн туруорсубутун, ону салалта быһа гыммакка, тылыгар туран хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбытын кэпсээтэ , итиэннэ бытархай ситэриллибэтэх өттүн тиһэҕэр тиэрдиэхпит диэн эрэннэрдэ.

Оттон бу күн Дмитрий Федосеевич бэйэтин библиотекатыттан Иосиф Сталин туһунан 500-тэн тахса кинигэни, итиэннэ сабыс саҥа мэтириэтин бибилэтиэкэҕэ бэлэх уунарын туһунан сонуну дохсун ытыс тыаһын ортотугар иһитиннэрдэ. Ыалдьыттар эмиэ бука бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлбиттэр. Ол иһигэр Сулҕаччы, Сэргэ Бэс тэрилтэлэрин салайааччылара эмиэ библиотека материальнай-техническэй базата хаҥыырыгар  дьоһун кылааттарын киллэрдилэр.

Саҥардыллыбыт библиотека аалай лиэнтэтин кырыйыы кэнниттэн ыалдьыттар бука бары сууласпытынан Киристэпиэл Махсыымап аатынан сынньалаҥ дьиэтигэр тиийэн Дмитрий Федосеевич үбүлүөйүн бэлиэтиир өрөгөйдөөх чааһыгар кыттыыны ыллылар.

Суруйааччы талааныгар сүгүрүйээччилэр, үөлээннээхтэрэ кыралыын-улаханныын сабыс-саҥа кириэһилэлэргэ сымнаҕастык олорунан кэбиһэн баран Сулҕаччы, Сэргэ Бэс талааннаах дьонун, үөрэнээччилэрин толорууларыгар Миитэрэй Наумов кэпсээннэринэн испэктээкиллэри, доргуччу ааҕыылары сэҥээрэн, чуумпуран олорон дуоһуйа иһиттилэр.

Сулҕаччылар бэйэлэрэ бэлиэтииллэринэн, дойдуларын боччум киэргэллэрэ барыта Дмитрий Федосеевич аатын кытта ыкса ситимнээхтэр:  бастакы автоматическай телефоннай станция, үрүҥ илгэни астыыр модульнай сыах, орто оскуола дьиэтэ, сэрии сылларын оҕолоругар анаммыт “Оҕо уонна оҕус күүһүнэн” үйэлээх мэҥэ бэлиэ, Михаил Носов аатынан хартыына галереята, Бойобуой Кыһыл Знамя орден кавалера, Саха автономнай өрөспүүбүлүкэтин Киин ситэриилээх комитетын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Иннокентий Михайлов- Харачаас төрөөбүтэ 150 сылыгар боруонсаттан кутуллубут мөссүөнэ. Сыл устата ыытыллыбыт улахан далааһыннаах тэрээһиннэр эмиэ кини көҕүлээһининэн, тэрийиитинэн ыытылыннылар, олкурдук өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан бастыҥ норуодунай театрдар ыҥырылланнар “Битва режиссеров ” күрэх түһүлгэтэ тэрилиннэ. Бу барыта кэнчээри ыччаттарга анаммыт, биир киһи холугар элбэх, сыаналаах үлэ буолар диэн биир дойдулаахтара Федосеевичтарын олус истиҥник, махтана саныыллар.

Киэн туттар биир дойдулаахтарын үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстэ кэлбит Сулҕаччы туруу үлэһит дьоно, үлэ бэтэрээннэрэ бу дьоро киэһэ бэркэ долгуйан туран дириҥ ис хоһоонноох бэлэҕи ууммуттарыгар юбиляр уоһа ыпсыбат буолуор диэри үөрдэ – ол кини мэтириэтэ. Учуутал, тарбаҕар талааннаах худуоһунньук, айар быыстапката Аммаҕа, Дьокуускайга киэҥ сэҥээриини ылбыт Розалия Винокурова “буруолуу сылдьар” хартыыната туох этиттэриилээҕин Дмитрий Федосеевич бэркэ өйдөөтүм диэн астынна.

СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ судаарысттыбаннай гражданскай сулууспатын, үөрэхтээһин, доруобуйа уонна тулалыыр эйгэни харыстааһын туйгуна, СӨ Саха культуратын Аан түмэлэ бэлиэнэн аан бастакынан наҕараадаламмыт Амма, Үөһээ Бүлүү, Томпо улуустарын бочуоттаах олохтооҕо үбүлүөйдээх киэһэтигэр истиҥ доҕотторо-атастара, биир дойдулаахтара Дмитрий Федосеевич 80 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһиҥҥэ аны биэс сылынан бу кулуупка көрсүөх буолан кэпсэттилэр. Онуоха диэри өссө элбэх кэпсээннэри айарыгар-тутарыгар, саҥа кинигэ таһаарарыгар кытаанах накаас биэрдилэр. Онон, Дмитрий Федосеевич, чэгиэн сылдьан сулҕаччыларын баҕа санааларын толорон өссө даҕаны элбэҕи ай-тут, саха литературатын баай байҕалын өссө дириҥэт.

“Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше