Бүгүн Донецкай, Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, итиэннэ Запорожскай уонна Херсонскай уобаластар Арассыыйаҕа холбоспут дьоһун суолталаах күннэрин бэлиэтээн Чапчылҕаҥҥа дьон-сэргэ сэлэлээн хаамта, ону сэргэ автопробег буолла.
Колоннаны улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова уонна Чапчылҕан аҕа баһылыга Дьулустаан Юшков иилээн-саҕалаан салайдылар.
Тэрээһин чэрчитинэн, дойдуларыгар суон дурда, халыҥ хахха буолан Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыт хорсун уолаттарбытыгар «Амма киэн туттуута» бэлиэлэри туттардылар.
«Амма олоҕо» хаһыат.