Бүгүн талааннаах ырыаһыт, РСФСР уонна Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, самодеятельнай композитор, общественнай деятель, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин уонна айылҕа харыстабылын туйгуна Ольга Петровна Иванова — Сидоркевич төрөөбүт күнэ.
Кыра Ольга «Аҕабар» диэн бастакы хоһоонун 1945 сыллаахха биһиги хаһыаппытыгар, оччолорго «Коммунизм тутуутугар» бэчээттэппитэ. Ити хоһоонугар бэйэтэ мелодия айан, Кыайыы ыһыаҕар толорбутун дьон харахтарын уутун кыаммакка, уйадыйбыттарын хойукка диэри кэпсииллэрэ. Ол түгэн кэнниттэн киниэхэ дьоно кытаанах дьаһалы таһаарбыттара. Бу туһунан Ольга Петровна «Олоҕум чэчирдэрэ» диэн суруналыыстыкаҕа Государственнай бириэмийэ лауреата, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Прокопий Караканов — Бурдук Буокай хомуйан, редакциялаан бэчээккэ бэлэмнээбит кинигэтигэр ахтыбытын бэчээттиибит.
«1945 сыллаахха Аммаҕа буолбут Кыайыы ыһыаҕар «Аҕабар» диэн ырыабын ыллаан баран Арыылаахпар Толооҥҥо таҕыстым. Оччолорго эһэм Дьаакып тыыннаах, кинилэргэ олоробун. Биирдэ оҕолору кытта оонньуу сырыттахпына дьиэҕэ ыҥыран киллэрдилэр. Дьиэҕэ киирбитим эһэм көмүлүөк оһох иннигэр олорор. Кинилэргэ эдьиийим кэлэн хоно сылдьара. Кини дьоммор кэпсии олорор эбит. «Ольга Кыайыы ыһыаҕар аҕатын туһунан ыллаата. Онуоха түһүлгэҕэ олорор дьон бары ытастылар. Олус имэҥсийэн туран ыллаата» диэн буолла. Итини истэн дьонум улаханнык мунчаарбыттар. Кинилэр өйдөрүгэр-санааларыгар «Дьон ытыыр гына иэйэн-куойан ыллыыр киһи дьоло суох буолар» диэн былыр-былыргыттан олохсуйбут өйдөбүл хаалан хаалбыт. Ону эргитэ саныы, ону толкуйдуу, миигин буруйдуу олороллор эбит. Бэрт өр кэпсэтиһэн, ырытыһан баран, эһэм оҕонньор миэхэ чопчу туһаайан: «Эн соҕотоххун, дьонуҥ бүтэһик кэриэс-хомуруос оҕолорунаҕын, дьон тыла-өһө иҥниэҕэ, хомуһун буолуоҕа. Дьэ онон оҕом эрэ буолларгын аны ыллаама, ыллыыргын тохтот» диэн эттэ.
Хайыахпыный, дьоҥҥо-сэргэҕэ ыллыырбын тохтоппутум. <…> Ардыгар Арыылааҕым оҕолорун, табаарыстарбын мунньан ылыыр этим, ылыыр этим көннөрү. Оттон олох дьиҥнээхтик иэйэн-куойан ыллыахпын баҕардахпына чараҥмар тахсарым, ньургуһуннаах, сибэккилээх хонуубар киирэрим. Кинилэрдиин кэпсэтиһэрим, кинилэрдиин тэҥҥэ ыллаһарым. Итинник оту-маһы кытта кэккэлэһэ сылдьан ыллыырбын олуһун сөбүлүүрүм. <…> Итинник ыллыырбын бобуу, хааччахтааһын миэхэ улахан охсуунан буолбута, санаабын түһэрбитэ. Хайдах гынабын, тугу оҥоробун диэн санааҕа түспүтүм. Дьэ уонна үҥкүүнэн дьарыктанарга санаммытым. <…> Ол эрэн, өйүм-санаам, дууһам ырыабар тарда, ыҥыра турара. Тылбын биэрбит киһи быһыытынан эһэм, эбэм баалларына дьоҥҥо-сэргэҕэ тахсан олох ыллаабатаҕым. 1954 сыллаахха, тылбын биэрбит бүтэһик киһим эбэм Боккуойа өлбүтүн кэннэ аһаҕастык ыллыыр буолбутум. 1956 сыллаахха “Холбос” бырааһынньыгар Дьокуускайга киирэн “Таптыыр эбээт сүрэҕим” диэн ырыаны ыллаабытым. Итинтэн ылата радионан эҥин бокуойа суох ыллатан киирэн барбыттара”.
Оттон биһиги күн бүгүн сөбүлээн истэр, ыллыыр “Доҕоруом, ыл кэлиий” диэн ырыабыт 1957 сыллаахха саас ыһыы саҕана ыам ыйыгар айыллаат, от ыйыгар устудьуоннар уонна ыччаттар Бүтүн аан дойдутааҕы алтыс фестивалларыгар ситиһиилээхтик кыттыбыт.
Дьэ, бу ырыа хайдах айыллыбытын туһунан Ольга Петровна маннык кэпсээбит:
“Ити сылдьан 1957 сыллаахха студеннар уонна ыччаттар Бүтүн аан дойдутааҕы алтыс фестивалларыгар кытта барар буолбутум. Ханнык ырыалары толоруохтаахпын сүүмэрдээһин буолла. Бэйэм “Быттык-быттык Маарыйаны”, “Манчаары туһунан ырыаны” толоруохпун баҕарабын. Ити ырыалары уруккуттан олус табыллан ыллыыбын, сөбүлүүбүн. Онтукам баара бу ырыалары ыллыырым бобуулаах буолан таҕыста. “Быттык-быттык Маарыйам” баай дьахтар туһунан, сиэр-майгы өттүнэн сатарыйбыт герой диэн буолла. Оттон Манчаары туһунан олох да саҥарда барбатылар. “Дьону халаабыт, таһыйбыт киһи, ороспуой туһунан ыллыырыҥ табыллыбат” диэтилэр. Түмүгэр фестивальга “Доҕоруом, эн кэлиий” диэн ырыам табыллар, онон кыттар буоллум. Оччолорго ол ырыам олох сабыс-саҥа, үчүгэйдик чочулла илик ырыа этэ. Саас ыһыы саҕана Абаҕанан агитбиригээдэнэн сылдьан өйбөр көтөн түспүт матыыпка тылын суруйбутум. Ону Александр Никитич Ноговицын скрипкаҕа, уола Майрод мандолинаҕа оонньоон тыыннаах хаалларбыттара, ырыа буолар дьылҕалаабыттара. Дьэ баара эрэ ыам ыйыгар айыллыбыт ырыанан мин сайын, от ыйыгар аан дойдутааҕы фестивальга кытта барар киһи буоллум. Ис-испиттэн иэйэн, дууһабын ылларан ыллаабыт ырыам буолан сиппит-хоппут курдуга, дьон-сэргэ да ырыабын олус биһирээн, астынан көрсүбүт. Фестивальга да ситиһиилээхтик кыттан кэлбитим”.
Дьэ, ити курдук кинигэни ааҕан истэх аайы саха норуотун тапталлаах ырыаһыта Ольга Иванова-Сидоркевич олоҕун, айар үлэтин бииртэн биир умнуллубат түгэннэрэ арыллан иһэллэр. Онуоха Ольга Петровна бэйэтэ оҕо сааһын, үөрэммит, үлэлээбит сылларын саас сааһынан сиһилии кэпсээбитэ ааҕааччыга ордук чугастык, истиҥник киһи эрэ дууһатын ортотунан киирэллэр.
Вера ИВАНОВА.