Дьулустаан Юшков: “Элбэх киһилээх нэһилиэк – үүнэр-сайдар кэскиллээх”

Ааспыт сылга Чапчылҕан нэһилиэгин аҕа баһылыга Дьулустаан Юшков нэһилиэгин ытык сүбэтин кырдьаҕастарын уонна туох баар дьокутааттарын мунньан олорон: “Нэһилиэкпит күнүн олохтуоҕуҥ,  санааҕытын сайа саҥарыҥ, толкуйгут этэ охсуҥ”, — диэн сүбэ-соргу көрдөөбүтэ. Мустубут дьон бары биир киһи курдук сөрү-сөп диэн сөбүлэспиттэрэ, бэри-бэрт диэн эҥэрдэлэспиттэрэ, сорох-сорохтор “оруобуна ону этээри олорбутум” дэспиттэрэ. Тыл барда — бас барда, Нэһилиэк күнүн олохтуурга диэн буолбута. Аҕа баһылык ону бириигэбэринэн бигэргэтэн, ыйааҕынан ытаһалаан туоһулуур тустаах докумуоҥҥа илии баттаан дьэргэтэн кэбиспитэ.

Инньэ гынан, балаҕан  ыйын бүтэһик күнүгэр, 30 чыыһылаҕа аан бастакытын Чапчылҕан нэһилиэгин күнэ буолла. Тэрээһин хара сарсыардаттан күн арҕаалыар диэри быыстала суох барда. Сарсыардатын оҕолор “Нация кроһугар” сүүрэн табыгырастылар. Кыайыылаах кытыгырастарга кыра бэлэх-туһах биэрдилэр. Салгыы Донецк, Луганск өрөспүүбүлүкэлэрэ, итиэннэ Запорожья уонна Херсон уобаластара Арассыыйаҕа холбоспуттарын уруйдаан-айхаллаан дьон сэлэлии хаамта, быыһыгар автопробег буолла. Хаамыыны улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова уонна Чапчылҕан аҕа баһылыга Дьулустаан Юшков салайдылар. Хотоҕостуу субуллубут холуонна олохтоох дьаһалтаттан кулууп дьиэтигэр диэри ырыа доҕуһуоллаах хааман дьогдьойон тиийдэ.

Бу күн элбэх эйэҕэс эҕэрдэ истиҥ тыллара этилиннилэр. Нэһилиэк сайдар суолун солоспут дьону тумнубатылар. Нэһилиэк бастакы баһылыга Михаил Михайлович Григорьев сырдык кэриэһигэр  сүгүрүйэн,  бокуйан туран кини төрөөбүтэ 75 сылыгар анаан мемориальнай дуосканы ыйаатылар.

Михаил Михайлович нэһилиэк туһугар ыыппыт үлэтэ сыл-хонук аастар да өрүү сыаналана туруоҕа, кэнэҕэһин үлэлиир салайааччыларга бастыҥ холобур, сырдатар тымтык уота буолуоҕа”, —  диэн баһылык Дьулустаан Юшков санаатын үллэстэр.

Өйдөбүнньүк бэлиэни сэргэ Михаил Михайлович туһунан аймахтара, чугас доҕотторо кинигэ суруйан бэлэмнии сылдьаллар.

Дьоһун наҕараадаларга тиксибиттэри бэлиэтээтэххэ, бу күн Елизавета Николаевна Исаковаҕа нэһилиэк  уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттарын иһин “Чапчылҕан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо” аат иҥэрилиннэ.

Маны сэргэ  “Өр үйэ” диэн ыччат хамаандатыгар – Инна Илларионоваҕа, Ньургуйаана Ксенофонтоваҕа, Фелисата Абрамоваҕа, Анна Окоемоваҕа, Туйаара Окоемоваҕа, Ирина Софроноваҕа, Егор Барашковка уонна Семен Ксенофонтовка Махтал суруктар туттарылыннылар. Ыччат хамаандата быйыл сайын улуус баһылыгын Гранын кыайан Амма кытылыгар бэртээхэй беседканы тутан туруорбута.

Тэрээһин чэрчитинэн, бастыҥ олбуордаах ыаллары талан наҕараада туттардылар. Сыана быһар, дьүүллүүр сүбэ сайыны быһа кэтээн кэрэхсээн, сыта-тура сыымайдаан баран бастыҥ олбуордаах ыалынан Промкомбинат олохтоохторо Сергей уонна Ирина Софроновтар олбуордарын ордорон бастакы миэстэни биэрдэ. Иккис миэстэҕэ Афанасий уонна Виктория Захаровтар тэлгэһэлэрэ тигистэ. Үһүс миэстэ Иван уонна Изабелла Егоровтар буоллулар. Онтон элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр ортолоругар саҥа тутуллубут Расторгуева 52 «а» дьиэтэ бастаата. Иккис Промкомбинат Набережнай 37-с дьиэтэ, үһүс Набережнай 39-с дьиэтэ буолла. Чапчылҕан нэһилиэгэр түөлбэлэр икки ардыларыгар күрэхтэһии хаһыс да сылын сытыытык барар. Нэһилиэк күнүгэр бастыҥ национальнай астаах түөлбэни таллылар.»Дүүллүүр сүбэ быһаарыытынан бастакы миэстэ сахалыы астаах “Мир” түөлбэҕэ бэрилиннэ. Иккис миэстэҕэ узбекскай остуоллаах “Кытыл” түөлбэ тигистэ. Итиэннэ “Сайдыы” түөлбэтэ нуучча аһын астаан үһүс миэстэ буолла. Түөлбэлэр күрэхтэригэр иккис сылын субуруччу бастаабыт “Кытыл” түөлбэ быйыл даҕаны инники күөҥҥэ ырааҕынан быраҕаттаан атаралаан иһэр. Кини кэнниттэн “Озернай” уонна “Ыаллыылар” түөлбэлэрэ саппай уопсан сырсыһан иһэллэр. Сыл бүтэрэ, түмүк тахсара чугаһаата, онон, түөлбэлэр туох баардарынан киирсэр санаалаахтар.

Нэһилиэк бастакы күнүгэр халлаан, хата, туран биэрэн дьон-сэргэ дуоһуйа сынньанан, ас дьаарбаҥкатыттан илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастылар. Нэһилиэк аҕа баһылыга Дьулустаан Юшков – Чапчылҕан эдэр нэһилиэк диэтэххэ улуус биир бөдөҥ нэһилиэктэрин ахсааныгар киирэн эрэр диэн бэлиэтиир. Чапчылҕан олохтооҕун ахсаана күн бүгүн – 1200-тэн тахсар. Дьон салгыы харыыта суох кэлэн олохсуйа, дьиэ тутта турар. Онон, Чапчылҕаҥҥа дьон уутуйан, тоҕуоруһан олохсуйар. “Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат” дииллэринии элбэх киһилээх нэһилиэк – үүнэр-сайдар кэскиллээх”, — диэн баһылык Дьулустаан Юшков сэргэх санаалаах сылдьар.

Олег ЕГОРОВ

Читайте дальше