Дьулустан Хон: «Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ Аммаҕа киэҥ өрүттээх үлэни ыытар»

Амма улууһугар СӨ айылҕаны туһаныы, харыстааһын уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Дьулустан Хон үлэлиир бөлөҕө кэлэ сырытта. Дьулустан Иванович Амма улууһугар министиэристибэ ыытар үлэтин туһунан интервьютугар сырдатта.

Үлэлиир бөлөх былаан чэрчитинэн “Вода России” Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа кыттыһан Кириэстээх үрэхтэн саҕалаан Амма өрүс биэрэгин ыраастааһыҥҥа кытыннылар. Аахсыйаҕа барыта 217 киһи кылааттарын киллэрдилэр. Ол иһигэр Амма улууһун ойуурун хаһаайыстыбатыттан 50-ча киһи үлэлээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох.

Аммаҕа сырыы прорамматын биир түгэнинэн улуус урбаанньыттарыгар анаммыт семинар буолла. Мунньах кыттыылаахтара айылҕа харыстабылын сокуонугар туох уларыйыылары билистилэр, нэһилиэнньэлээх пууннарга кытаанах бөҕү харайыы ымпыктарын-чымпыктарын, ханнык оператордар үлэлииллэрин билистилэр.

Семинар кэнниттэн Дьулустан Ивановиһы көрсөн Аммаҕа сырыытын түмүктэрин туһунан кэпсэттибит.

Үтүө үгэскэ кубулуйбут сылын аайы ыытыллар бүтүн Арассыыйатааҕы «Вода России» диэн аахсыйаны салайан ыыттыбыт. Быйыл кыттааччы ахсаана элбэҕэ киһини үөрдэр, дьон тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа интэриэһэ улааппыта көстөр. Ол курдук, биһиги министиэристибэбит үлэлиир бөлөҕө, улуус дьаһалтатын, ойуур авиациятын, “Центрлес”, экология инспекциятын коллективтара уонна Амма өрүс кытылыгар сытар нэһилиэктэр олохтоохторо, уопсайа икки сүүстэн тахса киһи аахсыйаҕа кыттыста.

Аммаҕа сырыыбыт сүрүн боппуруостарынан Амма, эбэтэр чугас сытар Бөтүҥ, Чапчылҕан нэһилиэктэригэр канализационнай-ыраастыыр станция туруохтаах сирин талыы, тутуу, уонна «Халбы» сыбаалканы бэрээдэктээһин буолар. Бары билэ, көрө сылдьабыт, сыбаалка улуус киинин уонна Чапчылҕан нэһилиэгин олохтоохторугар биир саамай сытыы, кыһалҕалаах, хас отчуот ахсын туруоруллар боппуруос буолар. “Халбы” сыбаалка докумуоннара сокуоҥҥа, аны иһинээҕи территорията санитарнай ирдэбиллэргэ эппиэттэһэр буоларыгар үлэ бара турар. Былырыын манна уоту тардыыга, харабыл будкатын тутууга, шлагбаум , видеонан кэтээн көрүү туруорууга, суолун оҥоруутугар 1 мөл. солк. көрүллүбүтэ, быйыл 3 мөл. солк. тыырыллан сыбаалканы бэрээдэктээһиҥҥэ, бөҕүн харайыыга “Коммунсервис” тэрилтэ сөптөөх үлэни ыытар. Амма дьонун-сэргэтин күүскэ долгутар өссө биир боппуруоһунан Кириэстээх үрэҕэ сүнньүн уларыппыта буолар. Манна  чөлүгэр түһэрии үлэ ыытыллар. Билигин үрэҕи урукку хаатыгар түһэрэр инниттэн Федеральнай бырагыраамаҕа киллэрэн үбүлээһини туруорсабыт. Оччотугар сөптөөх харчы  көрүллэн дамба тутуллуо этэ. Маны тэҥэ Амма өрүскэ түһэр үрэхтэр муосталарын ыраастаан балык ыаматын харыстааһыҥҥа, айылҕа эргиирин чөлүгэр түһэриигэ эмиэ киэҥ өрүттээх үлэ ыытабыт. Кылгастык сырдаттахха ити курдук.

«Амма олоҕо» хаһыат.

Читайте дальше