Дуоһуйа кэпсэтэн, сэргэхсийэн тарҕастылар

 Дьокуускай куоракка олорор аҕам саастаах биир дойдулаахтарыгар анаан «Амма түмсүү» общественнай хамсааһын дьоро тэрээһини ыытта. Тэрээһин өрөспүүбүлкэҕэ аҕам саастаах дьон декадаларын чэрчитинэн А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар Доҕордоһууларын дьиэтигэр ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ уопсайа 80-н тахса ытык саастаах Амматтан төрүттээх дьон кыттыыны ыллылар.
Аҕам саастаах убаастанар дьоммутун  Ил Түмэн депутата Александр  Корякин, Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга  солбуйааччыта Нюргуяна  Илларионова,  улуустааҕы  бэтэрээннэр Сэбиэттэрин  бэрэссэдээтэлэ Мария  Захарова уонна Дьокуускай куоракка «Амма түмсүү» салайааччыта Александр Кузьмин эҕэрдэлээтилэр, Махтал суруктарын туттардылар.

Аҕам саастаах дьон бу киэһэ дуоһуйа кэпсэтэн, ыллаан-туойан, үнкүүлээн, бириистээх оонньууларга кыттан дуоһуйан тарҕастылар. Дьоро киэһэни ыытыыга күүс- көмө буолбут биир дойдулаахтарбытыгар Руслан Еремеевич Федотовка, Рихард Афанасьевич Барабановка уонна А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар Доҕордоһууларын дьиэтигэр (директор Корякина А.Н.). махталбытын тиэрдэбит.

«Амма түмсүү»  актива

Читайте дальше