Бүгүн, балаҕан ыйын 21 күнэ, Арассыыйаҕа коллекционердар күннэрэ. Амма Наахара нэһилиэгин «Эгэлгэ» коллекционердар түмсүүлэрин бэтэрээн учуутал Лариса Унарова салайар. Лариса Ивановна өр сыл Үлэ Геройа П.И.Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатыгар уруһуй, черчения уонна технология учууталынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Билигин кини «Эгэлгэ» коллекционердар түмсүүлэрин, Үһүс көлүөнэ иискэ куруһуогун салайар. «Сиибиктэ» вокальнай ансаамбыл кэрэ куоластаах ырыаһыта. Аны талааннаах киһи хаартыскаҕа түһэрэрин, хаалыктаах хаамыынан дьарыктанарын туохтан да ордорор. Үгүс дьүөгэлээх, олоххо актыыбынай көрүүлээх, дьону түмэр киһибитин Лариса Унарованы көрсөн коллекционердар күннэринэн эҕэрдэлээн туран аҕыйах боппуруоска эппиэттииригэр көрдөстүм.
««Эгэлгэ» коллекционердар түмсүүлэрэ 2017 сылтан үлэлиир. Билигин биһиэхэ 25 улахан киһи дьарыктанар. Маны тэҥэ «Дуораанчык» уһуйаантан 8 иитиллээччи, орто оскуола 8 үөрэнээччитэ коллекционер аатын сүгэллэр. Биһиги коллекционердарбыт булбут, хомуйбут, ууруна сылдьар малларын-салларын күннэтэ элбэтэр, атастаһар сыаллаах үлэлииллэр. Араас сувенирдар, дьэрэкээн брошьтар, араас көрүөхтэн кэрэ сундууктар, оҕо оонньуурдара, открыткалар, таҥас фирмаларын, ас фирмаларын бэлиэлэрэ бааллар. Коллекцияҕа сүүтүк арааһа, былыргы харчылар, уруучукалар, значоктар элбэхтэр. Саамай былыргы экспонаттар Людмила Ксенофонтоваҕа баар. Ол курдук 18 –с үйэттэн кэлбит биир үрүҥ көмүс, биир бриллианнаах сүүтүк. Ону кытта Валентина Захароваҕа икки үрүҥ көмүс сүүтүктэн биирэ былыргы 16-с 17-с үйэтээҕилэр. 60-70-с сыллардааҕы 4 устуука сүүтүк, ону тэҥэ 3 мас сүүтүк баар. Урут да, билигин да дьахтар иистэнэр кэмигэр сүүтүгүн хараҕын харатын курдук харыстыыра. Биһиги араас кэтэхтэн ыытыллар күрэхтэргэ кытынныбыт. Болугур нэһилиэгин, итиэннэ Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүн коллекционердарын кытта сибээстэһэбит. Быйылгы сылга Майаҕа коллекционердар быыстапкаларыгар сылдьан астынан аҕай кэлбиппит. Таатта улууһун Баайаҕа түмэлигэр дуоһуйа сырыттыбыт. Таарыччы Ытык Күөлгэ эбэлэр түмсүүлэрин кытары көрсөн, билсиһэн саас олуһун үөрэн кэлбиппит. Былырыын коллекционердар сийиэстэригэр Чен Марианнаны кытта сылдьан турабыт. Быйыл бэс ыйыгар ыытыллыбыт сийиэскэ кыттыбытым. Түмсүү чилиэннэрэ бэйэбит бэйэбитин кытта көрсөн, кэпсэтэн, араас тэрээһиннэри ыытабыт. Араас туһалаах күндүтүк саныыр коллекциябытыгар булбуппутун бэйэ-бэйэбитигэр бэрсэбит, көрдөрөн сүбэ-ама ылабыт. Улуус киинигэр нэһилиэктэри барыбытын түмэр түмсүү баара буоллар дии саныыбыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ бэйэ-бэйэбитин эҕэрдэлэһэн ситим нөҥүө быыстапка оҥордубут. Бу сылга «Учуутал. Наставник» уонна » Үлэ» тиэмэлэрдээх быыстапканы былаанныы сылдьабыт» -диэн Лариса Ивановна сэһэргээтэ.
«Эгэлгэ» түмсүү бары чилиэннэрин бүгүҥҥү идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээн туран, кэрэни кэрэхсээн үүнэр ыччакка холобур буолар күндү дьоммут, киэҥ туттар оҕолорбутугар ситиһиилэри, кэллиэксийэлэрэ кэҥии турарыгар баҕарабын.
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА