Егор Баранов – оҕунан ытыыга муҥутуур кыайыылаах

Нам улууһугар  өрөспүүбүлүкэ төрүт оҕунан ытыыга бастакы аһаҕас өрөспүүбүлүкэ таһымнаах турнирга Амматтан Егор Баранов эр дьоҥҥо муҥутуур кыайыылаах буолан Амматын улууһун былааҕын күөрэччи көтөхтө.  Турнир Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээнэ, В.И. Ленин  аатынан колхуос бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Николай Николаевич Москвитин сырдык аатыгар ананан ыытылынна. Манна барыта 161 спортсмен кэлэн бэйэлэрин кытта күөн көрүстүлэр.

Бу улахан оҕунан ытыы түһүлгэтигэр Амматтан түөрт киһи баран кыттан кэллэ. Ол курдук Соморсунтан Галина Кутукова, Федор Баранов бэтэрээннэргэ бэйэлэрин холонон көрдүлэр. Ону кытта Аммаларын чиэһин куруутун көмүскүүр Любовь уонна Егор Барановтар.

“Уопсайа манна 11 улуус кэлэн кытынна.  Эр дьон уонна бэтэрээннэр диэн  арааран күрэхтэһиннэрдилэр. Сыалбытыгар куобах, кус, тииҥ барыта киирдилэр. Күрэхтэһии саала иһигэр буолан эр дьон  25 миэтэрэттэн, дьахталлар 20 миэтэрэ дистанцияттан ыттыбыт. Мин бу күрэххэ куһу  ытыыга  үһүс миэстэ буоллум. Онтон үс көрүҥҥэ  эр дьоҥҥо  үһүс миэстэни ыллым. Онтон эр дьоннорго абсолютнай күрэх ыытыллыбыта. Онно киирсэммин кыайыылаах таҕыстым. Манна барыта 50-ча  эр киһи кыттыбыта ”, — диэн Егор Анатольевич кэпсиир.

Манна даҕатан эттэххэ, Егор Анатольевич кэргэнинээн Любовь Петровналыын  өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар төрүт ох саанан ытыы  күрэҕигэр куруутун хайа кыалларынан кыттан иһэллэр.

“Маннык элбэхтик күрэхтэстэххэ эрэ киһи эбиллэр. Холобура кэргэним саҥа саҕалааччы диэтэххэ, билигин бэтэрээн дьахталлар ортолоругар ортоку сылдьар. Сырыы аайы эбиллэн иһэр. Онон улууска даҕаны элбэхтик күрэхтэһиилэр ыытыллан иһиэхтэрин наада. Оччоҕо эрэ спорт бу өртүгэр ситиһиилэр кэлиэхтэрэ, сайдыахпыт даҕаны”, — диэн бэтэрээннэргэ өрөспүүбүлүкэ муҥутуур кыайыылааҕа санаатын тириэрдэр.

 

Кини билигин дьаныардаахтык  сыл бүтүүтэ ахсынньы ыйга ыытыллыахтаах  күүстээхтэр Кубоктарыгар бэлэмнэнэ сылдьар. Егор Анатольевич билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ төрүт оҕунан ытааччыларын ортотугар тахсар рейтиҥҥэ сэттис миэстэҕэ сылдьар.

“Амма олоҕо хаһыат

Читайте дальше