Сулҕаччы нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннаһын күнүгэр бэлиэ түгэн буолла. Улахан айан суолун кытыытыгар, «Үчүгэй мастаах» тыатын иннигэр баар дьоҕус ырааһыйаҕа, Аҕа дойду улуу сэриитигэр баран кыргыһыы хонуутугар өлбүт уонна сураҕа суох сүппүт саха саллааттарын ааттарын үйэтитэр суолталаах өйдөбүнньүк бэлиэни саҥардан, тупсаран, үөрүүлээхтик аһыы тэрээһинэ ыытылынна.
Бу өйдөбүнньүк бэлиэни бастаан 2000 с. оҥорбуттара. Оччолорго Сулҕаччы нэһилиэгин баһылыга Ким Егорович Иванов,баһылыгы солбуйааччы Алексей Ильич Никифоров үлэлии олорор кэмнэрэ этэ. 23 сыл устата өйдөбүнньүк бэлиэ биллэн туран эргэрэн, тула өттө отунан маһынан саба бүрүллэ сыспыта. Быйыл саас маны көрөн, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Сулҕаччы нэһилиэгин, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, өр сыл Сулҕаччы орто оскуолатын директорынан үлэлээбит, Хоптоҕо нэһилиэк «Маяк» колхоһун сиригэр Өйдөбүнньүк бэлиэни туруоруу идеятын олоххо киллэрсибит патриот киһи Алексей Ильич Никифоров кэнэҕэски ыччаттарга, үүнэр көлүөнэҕэ сүҥкэн суолталаах наадалаах дьыала диэн санааттан саҥардар, тупсаран тутар үлэни ылсыбыта. Атырдьах ыйыгар, “Биир ньыгыл Арасыыйа” партия патриотическай — гражданскай өйгө санааҕа ыччаты иитиигэ анаан ыытар Гран күрэҕин биллэрбитэ. Алексей Ильич бырайыак суруйан онно кыттан, кыайыылаах тахсан, 40000 солк сууммалаах Грант ылбыта. Биллэн туран, бу суумма билиҥҥи кэмҥэ пааматынньык, бэлиэ да туруорарга, саҥардарга эппиэттээбэт этэ. Онон, нэһилиэк дьаһалтатын (баһылык Артем Степанов, солбуйааччы Василий Неустроев) сүбэлээн, спонсорство булуутугар үлэлээбиттэрэ. Кинилэр көрдөһүүлэрин быһа гыммакка эдэр предприниматель Александр Фомин уонна 1-кы Чакыртан төрүттээх Станислав Терентьев көмө буоллулар. Онон биир ый устата үлэлээн, бырайыак олоххо киириитэ ситиһилиннэ. Маны сэргэ Сулҕаччы нэһилиэгин эр дьон түмсүүтүн салайааччыта Георгий Степанов, Сэргэ-Бэс аҕа түмсүүтүн салайааччыта Альберт Фомин дьону түмэн, субуотунньук ыытан сорох үлэтин үмүрүппүттэрэ, күүскэ көмөлөспүттэрэ. «Норуот күүһэ-көмүөл күүһэ» дииллэрэ чахчы. Түбүктээх, эппиэтинэстээх үлэ түмүктэнэн, СӨ Судаарыстыбыннаһын күнүгэр өйдөбүнньүк бэлиэ саҥардыллан үөрүүлээхтик аһылынна.
Тэрээһиҥҥэ бырайыак ааптара Алексей Ильич Никифоров, Сулҕаччы нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Василий Александрович Неустроев, Сулҕаччы нэһилиэгин бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Васильевна Попова, Сэргэ-Бэс бөһүөлэгин аҕа түмсүүтүн салайааччыта Альберт Константинович Фомин, И.И.Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан орто оскуола директора Иван Григорьевич Окороков, Максим Сибиряков аатынан Сэргэ-Бэс оскуолатын дириэктэрэ Екатерина Алексеевна Христофорова, Сулҕаччы, Сэргэ-Бэс оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, учууталлара, нэһилиэк аҕам саастаахтара кыттыыны ыллылар. Бэлиэ түгэни Х. Максимов аатынан Сулҕаччытааҕы култуура киинин үлэһиттэрэ иилээн-саҕалаан ыыттылар. Бэртээхэй тэрээһин саҕаланыытыгар Алексей Ильич ытык сиргэ сиэри-туому тутуһан алгыс тылын этэн, аал уотун аһатта уонна мустубут дьоҥҥо, оҕолорго, ыччаттарга бу дойду чахчылаах историятын, хантан-хааннааҕын билиһиннэрдэ.
Кырдьыга даҕаны, бу үтүөкэннээх, быйаҥнаах, кэрэ айылҕалаах дойдуга хайдахтаах курдук үлэлээн-хамсаан, сайдан иһэн, 1941-1946 сс. Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр ыччаттара, 34 эдэркээн уолаттар кыргыһыы хонуутугар геройдуу охтон, сорохторо сураҕа суох сүтэн, түөлбэлэрэ барахсан кураанахсыйан, хаалбыт дьон Сулҕаччынан, Соморсунунан көһөргө күһэллибиттэрин итэҕэтиилээхтик кэпсээтэ. Күммүт даҕаны бэртээхэйдик туран, ийэ айылҕа кытта өйөөбүтүн курдук санаан тарҕастыбыт.
Елена ПОПОВА