Сахабыт сиригэр дьыл бары кэмнэрэ бэйэлэрэ туспа уратылаахтар. Ону көрөн хас биирдии киһи астынар, сэргиир, “наһаа астык дии” диэн саҥа аллайар. Кэнники кэмҥэ фотоаппараттан итэҕэһэ суох түһэрэр суотабай төлөпүөннэр баар буоланнар, дьон ханна да сырыттар, хайгыы көрбүтүн үйэтитэн иһэр үгэстэннэ. Дьэ ол гынан баран, ол түгэни, киһиэхэ тириэрдэр, көрбүт эрэ киһи барыта хараҕа уоттанан дуоһуйа көрөр хаартыскалара буолбаттар. Бэҕэһээ Аан дойдутааҕы фотограф күнэ буолан ааспыта. Манан сиэттэрэн, биһиги бэртээхэй хаартыскалардаах, айылҕа кэрэ кэмнэрин, түгэннэрин таба көрөн түһэрэр Елена Никитина үлэлэрин билсэргитигэр ыҥырабыт. Елена Спиридоновна Бөтүҥнээҕи “Мичээр” оҕо сайдар киинин муусукаҕа уһуйааччытынан үлэлиир. Кини ыытар хаартыскаларын көрөөт да, хайаатар да “тугун бэрдэй” диэбиккин билбэккэ да хаалаҕын.
“Мин бэйэм айылҕаҕа сылдьарбын олус сөбүлүүбүн. Бириэмэ буллум эрэ, ойуурга тахсан, алаастарга сылдьан ыраас салгынынан дуоһуйа тыынабын. Сир аһа буолла да, тыаҕа тахсабын. Онно сылдьан, айылҕа кэрэтин көрөммүн, төлөпүөммэр түһэрэн үйэтитэбин. Үлэлэрбинэн өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар хаартыска күрэхтэһиилэригэр кыттааччыбын. Онно үлэбин сыаналаатахтарына үөрэбин. Араас натюрморт, сюжет оҥорон эмиэ түһэрэбин. Хаартыскаларым син элбээтилэр. Барыта Аммабыт кэрэ кэмнэрэ. Ону инникитин альбом оҥорон таһаарар баҕа санаалаахпын. Хаартыскаҕа түһэрээччи, бу кэм кэрэһитэ буолар дии саныыбын. Кини сонуну, саҥаны, боростуой да түгэҥҥэ, туох эрэ уратыны көрөр дьоҕурдаах”, — диэн Елена Спиридоновна санаатын үллэстэр.
Биһиги эрэдээксийэбит Елена хаартыскаларын телеграм каналбытыгар күн-дьыл туругун билиһиннэриигэ туһанабыт. Ааҕааччыбыт, сурутааччыбыт интэриэһинйэ хаартыскаларын биһигинниин үллэстэригэр барҕа махталбытын этэбит. Инникитин айар үлэтэ сайдарыгар, баҕа санаата туоларыгар баҕарабыт.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат