Эмис нэһилиэгэ улууска быйылгы сылга 1849 тонна оту оттуохтаахтар. Атырдьах ыйын 1 күнүн туругунан нэһилиэккэ 309 тонна оттонон, 16,7 бырыһыан туолан иһэр. Нэһилиэк дьаһалтата окко субуотунньук оҥорор үтүө үгэстээх.
“Биһиги нэһилиэккэ быйыл от үүнүүтэ атын нэһииэктэргэ тэҥнээтэххэ олус мөлтөх буолбатах. Ол гынан баран бэс уонна от ыйдарыгар ардах үчүгэйдик түспэккэ үүнүү биллэн туран мөлтөх. Кэрийэн көрүүгэ үрэх сирдэрбит син үүммүттэр. Дьоммут сүөһүлэрин аччаппаттарын туһугар үлэлэһэбит. Бу күннэргэ пенсионердарбытыгар Людмила уонна Николай Соловьевтарга баран көмө оҥордубут. Ол курдук отторун кэбиһиигэ субуотунньуктаатыбыт. Бэрт түргэнник бүтэрэн, өссө атын дьоммутугар эмиэ баран көмөлөһүөхпүт”, — диэн нэһилиэк баһылыга Прокопий Бубякин сырдатта.
“Амма олоҕо” хаһыат