Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон декадаларын түмүктүүр улуустааҕы тэрээһиҥҥэ Эмис делегацията көхтөөх кытыыны ыллыбыт.
Эмис нэһилиэгэр 23 киһи доруобуйаларынан хааччахтаах дьон баалларыттан иккитэ оҕо. Кинилэр төһө даҕаны доруобуйалара бу олоххо сорох түгэннэргэ хааччахтаммыттарын иһин, нэһилиэк олоҕор тэбис-тэҥҥэ айа-тута үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Ол курдук, чааһынай хаһаайыстыбаларыгар эбии дохуот киллэринэн, сүөһү-сылгы ииттэн быр-бааччы олороллор. Нэһилиэккэ араас тэрээһиннэргэ, культурнай, спортивнай күрэхтэргэ балайда ситиһиилээхтэр. Бу сайын ыытыллыбыт адаптивнай спорт көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаҕа Лидия Егорова, Вера Тимофеева дуобакка, Татьяна Васильева голболга ситиһиилээхтик кыттыбыттара.
Онтон бүгүн сылы түмүктүүр улууспут бырааһынньыгар Роберт Григорьев, Татьяна Васильева, Евгения Неустроева буолан бэркэ сэргэхсийэн үөрэн-көтөн кэллибит. Ахсынньыбыт аам-даам тымныытын Роберт Григорьевич тимир көлөтүнэн бэркэ табыллан сырыттыбыт. Эмистэр биһиги «Күүстээх санаалаахтар» диэн ватсаап бөлөхтөөхпүт. Онно сүбэлэһэн ким барбат дьон аһынан, остуол киэргэллэринэн көмө-тирэх буоллулар, ол курдук Аграфена Николаева, Спартак Петров, Николай Иванов, Елена Чемезова уонна да атыттар сүбэлээн, үтүө тылларынан алҕаан атаарбыттара саныахха олус үчүгэй, махталлаах. Бырааһынньыктааҕы остуолбут кэрэ буоларыгар нэһилиэк историятын үөрэтэр, тарҕатар «Сонор» кулууп салайааччыта Маргарита Уварова сахалыы иһиттэри уларсан, биһиги Аммаларга кыраһыабай остуолбутунан былааһы ыллыбыт.
Айаммытыгар бензининэн нэһилиэкпит баһылыга Прокопий Бубякин көмөлөстө. Онон бырааһынньыкка дуоһуйа сынньанан, наҕараада бөҕө хомуйан кэлэн үөрүүбүт үс халлааҥҥа тиийдэ диэххэ. Бары көмөлөспүт үөһэ ахтыллыбыт дьоммутугар, тэрийээччилэргэ улууспут социальнай харалтатын үлэһиттэригэр, салайааччыбытыгар Любовь Дорофееваҕа, инбэлииттэр уопсастыбаларын салайаачытыгар Светлана Окороковаҕа барҕа махтал тылларын этэбит. Баҕарабыт чэгиэн туругу, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу баҕарабыт.
Эмистэн социальнай үлэһит Прасковья БУБЯКИНА.