Эмис олоҥхо тоҕойо буоларын бигэргэттилэр

Сэтинньи 16 күнүгэр олоҥхо декадатын чэрчитинэн уонна кэлэр 2024 сыл  Амма улууһугар буолар олоҥхо ыһыаҕын  көрсө, Педагог уонна уһуйааччы сылынан Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатыгар «Олоҥхо ыллыгынан» диэн улуустааҕы алын сүһүөх кылаас учууталларыгар  аналлаах семинар-күрэх Бөтүҥ оскуолатыгар буолла.

Күрэх аһыллыытыгар оскуола директора Акулина Иванова, научнай үлэҕэ директоры солбуйааччы, алын кылаас учуутала Мария Иванова “Олоҥхо ыллыгынан” лаборатория үлэтин сырдаттылар.  Алтан, Эмис, Болугур, лицей, Бөтүҥ оскуолаларын  алын кылаас үөрэнээччилэрэ ситиһиилээхтик кытыннылар.

Биһиги  оскуолабытыттан оҕолорбут кыттан, миэстэлэһэн кэлэн  кыайыы өрөгөйүн биллилэр. “Оҕо уһуйааччытынаан” диэн күрэххэ 5 хайысханан буолбута. Биһиги оҕолорбут панно оҥоругар 3 кылаас үөрэнээччитэ Дмитриева Лиана ийэтинээн Татьяна Григорьевналыын 1 миэстэ, олбох тигиигэ 4 кылаас уорэнээччитэ Степанова Сайаана уһуйааччытынаан Валентина Ивановналыын 1 миэстэ, 4 кылаас үөрэнээччитэ Устинова Ньургуйаана хартыынаны көрөн тута хоһуйууга 1 миэстэ буолла, салайааччы — Матрена Владимирова.

Ити курдук биһиги оҕолорбут, учууталларбыт олус үчүгэй, үрдүк таһымнаахтык кыттан  оскуолабыт аатын ааттаппыттара Эмис — олоҥхо тоҕойо буоларын бигэргэттилэр. Инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт, -диэн алын сүһүөх учууталларын методическай холбоһук салайааччыта Елена Петрова сонунун кэпсээтэ.

Эрчим Николаев, Эмис орто оскуолатын 8  кылааһын үөрэнээччитэ.

Читайте дальше