Амма улууһун бары нэһилиэктэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит көмүскэнэр сиэккэ баайыытыгар ылсаллар. Эмис нэһилиэгэр тэрилтэлэр икки сиэккэни баайан туттардылар.
“Биһиги нэһилиэкпит дьоно ыытылла турар аахсыйаттан эмиэ туора турбаттар. Ол курдук былаан быһыытынан анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар күүс-көмө буоллун диэн нэһилиэк дьаһалтатыттан, оскуолаттан уонна уһуйааныттан үлэһиттэр кэлэннэр көмүскэнэр сиэккэ оҥордулар. Сарсыардаттан элбэх хайысхалаах таас уораҕайбытыгар кэлэн киэһээҥҥэ диэри БТР техникаҕа ананар икки сетканы баайдыбыт. Бу сиэккэлэрбит Сахабыт сириттэн сылдьар уолаттарбытын көмүскээтиннэр, арчылаатыннар диэн алгыстаах тылларын анаатыбыт”, — диэн Эмис нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Айталина Кириллина сырдатта.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат