Эмистэр туойунан үлэҕэ холоннулар

Дьокуускай куоракка «Чороон XXI Үйэ» тэрилтэ салайааччыта Софья Попова туойунан «Кэһэх оһуор» диэн оҥоһукка маастар -кылаас тэрийдэ. Бу тэрээһиҥҥэ элбэх баҕалаах дьон кэлэн кытыннылар, сэҥээрэ да көрдүлэр, Саха сирин араас туойдарын туһунан биллилэр. Туойтан оҥоруу умсугутуулаах дьарыгар Эмис нэһилиэгиттэн бүтүн дэлэгээссийэ киирэн туойунан оҥорууга холонно. Саамай уратыта туойу кинилэр бэйэлэрин сирдэриттэн-уоттарыттан илдьэ киирдилэр. Туой хаачыстыбатын хампаанньа уопуттаах маастара, күннээх Узбекистантан сылдьар туой маастара Мухиддин сэҥээрдэ уонна хайҕаата.

«Маастар кылаас Софья Трофимовна мааны Саар балаҕаныгар буолла. Биһиги эмистэр дойдубутуттан, Эмис сириттэн, ылыллыбыт туойтан бэйэбит илиибитинэн «Кэһэх оһуор» диэн дьиэ кэргэн харысхалын оҥоһуннубут. Ону сэргэ тачыгырас тыастаах көмүлүөк оһох уотугар сыраллан туран, алгыстанныбыт, сылаас чэй, минньигэс бэрэски амсайан олус бэркэ дьарыктанныбыт. Элбэҕи биллибит, саҥаны сатаатыбыт. Улахан керамист маастар Эмис туойун ханнык да сир туойуттан саамай бастыҥнара, ынах арыытын курдук саамай мааны туой диэн бэркэ хайҕаата. Эмистэн кэлбит ыалдьыттарга дойдуларын туойун иһин махтанна. Маастар кылааска кыттыбыт дьон бары Софья Трофимовнаҕа өбүгэбит үтүөтүн-кэрэтин дьонугар таһаара, биллэрэ , үөрэтэ сылдьарын иһин махтал мааны тылларын анаатыбыт, сүргэбит көтөҕүллэн, үөрэн -көтөн тарҕастыбыт»,- диэн «Тэтим» араадьыйа эрэдээктэрэ Татьяна Степанова санаатын үллэһиннэ.

Эмистэр маастар-кылааска ылбыт билиилэрин аны сайын ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар анаан оҥорор туой оҥоһуктарыгар туһаныахтара.

“Саҥа дьыл иннинэ нэһилиэкпит баһылыга Прокопий Петровичтыын Бубякинныын ,,Чороон 21 Үйэ» тэрилтэҕэ киирэ сылдьыбыппыт. Эмис сириттэн ылыллыбыт туой буору киллэрэн туттарбыппыт, ол иннинэ эмиэ боруобаҕа диэн аҕыйах туой киирбитэ. Тэрилтэ салайааччыта Софья Трофимовналыын кэпсэтэн, сүбэлэһэн бырааһынньыктааҕы программаҕа киллэрэн биир күн тахсан Эмискэ дьоммор маастар кылаас оҥоруоҥ дуо, Олоҥхо сылыгар анаан дьонум сэргээн араас оҥоһуктары, сувенирдары оҥоруо этилэр диэн көрдөспүтүм. Онуоха кини сөбүлэспитэ. Ол гынан баран халлаан олус тымныйан, миэстэтигэр тахсыы кыаллыбатаҕа. Онон бу маастар кылааска дьарыктаныан баҕалаах араас эйгэттэн дьону мунньан олус үчүгэйдик дьарыктанан, үөрэнэн таҕыстыбыт. Дэлэгээссийэбит састаабыгар учууталлар, уһуйаан үлэһиттэрэ, дьаһалта, библиотека үлэһиттэрэ бааллар.

 

Ону тэҥэ Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт эмиэ кэлэн түмсэммит, “Чороон 21 Үйэ» тэрилтэҕэ “Кэһэх оһуор” оҥорууга олус үчүгэй туһалаах дьарык буолла. Баһылыкпыт Прокопий Петрович дьаһалта массыынатын биэрэн, тэрээһиннээхтик баран кэллибит. Дьарык саҕаланыан иннинэ кэһэх оһуор туһунан олус үчүгэйдик сиһилии кэпсээтилэр. Ол курдук “Силис” РОО түмсүү чилиэнэ, урбаанньыт Николай Баишев сахаларга өбүгэ саҕаттан тиийэн тиксэн кэлбит, элбэҕи кэпсиир оһуордар баалларын, ону сөпкө туттары, сыыһа-халты оһуору туттумаҥ диэн санаатын тириэртэ. Уурууна (руно) суруктан чинчийэн оҥоһуллубут Кэһэх оһуору, дьиэ харысхалын кэрдииһинэн арааран олус тиийимтиэтик слайданан көрдөрөн кэпсээтэ. Көрүөхтэн кэрэ көстүүлээх, тып -тап оҥоһуулаах, барыта орун оннугар турар Саха балаҕаныгар Софья Трофимовна итии чэйдээх, минньигэс алаадьылаах сандалытын тула олордон истиҥ, сэргэх бэйэтин баҕа санаатын тиэртэ, бар дьонугар саха дьонугар анаан күөсчүт буолан, мындыр үлэни толоро сылдьарын бары сэргээтибит. Араас эгэлгэ сахалыы иһиттэри кэрэхсии көрдүбүт. Маастар кылааһы манна үлэлиир, туойдьут Ташкент куораттан сылдьар Мухиддин көрдөрдө. Саха сиригэр араас элбэх көрүҥ туой баарын элбэх сыл үөрэтэн үлэлээбиттэр. Олортон саамай үчүгэй ураты, састааптаах туой биһиги дойдубут Эмиспит туойун тутан туран билиһиннэрдэ. Туойу ыллыҥ да туттан барбат эбиккин, эрдэттэн мэлийэн, сиидэлээн, уутун- хаарын ыган үлэтэ үгүс эбит. Бу маастар кылааска Чурапчыттан, Тааттаттан тиийэ кэлэн кытыннылар. Түмүккэ маастар кылаас барбыппытын туоһулуур сертификаттары туттубут. Бары кыттыбыт дьон оҥорбут оҥоһукпутун бэлиэтээн, онно хааллардыбыт, биир нэдиэлэ кууран , хатан, онтон анал оһоххо туруоран ситтэҕинэ, ылабыт. Бэйэбит дойдубут туой буорун тутан хабан иҥэмтиэлээх энергетика ыллыбыт, оҥорбуппутуттан астынныбыт. Дьонум олус сэргээн, инники былаан ылынныбыт. Ол эбэтэр Олоҥхобут ыһыаҕын көрсө араас сувенирдары, бокстары бэлэмниэхпит, өссө баҕалаах дьоммутун мунньан дьарык ыытыахпыт диэн сүбэлэстибит. Биир дойдулаахпытыгар Софья Трофимовнаҕа чэгиэн чэбдик доруобуйаны, айар үлэтигэр өссө үрдүк ситиһиилэри, тахсыыны, табыллыыны тускулуубут”, — диэн Е.А. Захарова-Саха Күөрэгэйэ аатынан култуура киинин дириэктэрэ Анжелика Иванова сырдатта.

 

«Амма олоҕо» хаһыат

Матырыйаалга  Айталина Седалищева, Мирославна Ноговицына, Алена Готовцева фотолара туһалыннылар.

Читайте дальше