Эмистэр үрүҥ тунах ыһыахтарын тэрээһинэ саҥа уулуссалары арыйыынан саҕаланна

Эмис нэһилиэгин Күөрэлэ алааһа оһуохай тойугунан, күрэхтэһии күүрээннээх хаһыытынан, ылбаҕай ырыанан, хомус тыаһынан кутулунна. Олоҥхо ыһыаҕын ыалдьыттарын аан бастакынан арыылаах алаадьынан айах туран көрсүбүт аартык нэһилиэк олохтоохторо күүрээннээх улахан ыһыах кэнниттэн аны нэһилиэктэрин ыһыаҕар көхтөөхтүк түмүстүлэр, алгыс түһэрдилэр. Аатырар олоҥхоһут Түмэппий Чээбий уонна РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыската Нина Чигирева аатын сүгэр икки уулусса арылынна.


Үрүҥ тунах аһыллар күнүн сарсыардатыгар эмистэр киэн туттар биир дойдулаахтарын аатын саҥа уулууссаларга иҥэрдилэр. Ол курдук  Хатыҥ сиригэр Түмэппий Чээбий,  Хорбут алааһыгар  Нина Чигирева ааттара иҥэриллжр үтүө тэрээһинэ ыытылынна,  биллэр дьоннорун аймахтара эҕэрдэ тылларын тириэртилэр, аалай лиэнтэни быстылар.  Дьэ онтон чээлэй күөх сайын кэлбитин уруйдуу  Күөрэлэ алаастарыгар түмүстүлэр. Алгыс этиллэн, унаар буруону унаарытан, оһуохайдаан тэйдэ. Ытык дуоҕаны нэһилиэк баһылыга Прокопий Бубякин анньан уйгулаах сайыны уруйдуур үрүҥ тунах ыһыах сиэрин-туомун ситэрдэ.

Эмис олохтооругар бэйэтин эҕэрдэ уонна махтал тылларын улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова тириэртэ. Кини олохтоохторго бу үс күн устата ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар кэлэн ааһар дьону эмистэр олох үрдүк таһымҥа көрсүбүттэригэр, оннук үрдүк көтөҕүллүүнэн ыалдьыттар ыһыахха кэлбиттэрин бэлиэтээн туран дириҥ махталын тэрийэр хамыыһыйа аатыттан тириэртэ уонна баһылыкка ыһыаҕы көрсө 10 кинигэ тахсыбыт наборун туттарда. Манна кини Эмис нэһилиэгин биллэр-көстөр олоҥхоһуттара киирбиттэрин, өссө бэйэлэрин эдэр олоҥхоһуттара, чинчийээччи Юрий Борисов сүҥкэннээх үлэтэ түмүллүбүт “Амма фольклора” диэн кинигэтин бэлиэтээтэ.

Ыһыах үөрүүлээх чааһыгар нэһилиэк саамай тумус туттар, көхтөөх үлэлээх, үтүө сүрэхтэринэн дойдуларын туһугар үлэлиир дьоннорун бэлиэтээтилэр, айхаллаатылар. Бу күн нэһилиэк үрдүкү наҕараадатын, бочуоттаах олохтооҕо аатын  Амма нэһилиэгэр олорор эмистэри түмэн үтүмэн үлэни ыытар Марфа Дмитриева, элбэх оҕолоох ийэ, сцена бэтэрээнэ Татьяна Иванова ылбыттарын ыһыах ыалдьыттара, олохтоохтор уруйдуу көрүстүлэр, дохсун ытыстарын тыаһын бэлэхтээтилэр. Маны тэҥэ өрөспүүбүлүкэ ытык олохтооҕун бэлиэтин убаастанар кырдьаҕастарга улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова эҕэрдэ тылын тириэрдэн туран,  Октябрина Дмитриевна Захароваҕа, Вера Дмитриевна Захароваҕа уонна Екатерина Николаевна Солдатоваҕа туттарда. Ити курдук бу күн элбэх үлэһит дьону нэһилиэк салалтата бэлиэтээтэ.

Ыһыах күн араас спортивнай күрэхтэр, култуурунай тэрээһиннэр ыытыллан, эмистэр Олоҥхо ыһыаҕын кэнниттэн биир бастакынан үрүҥ тунах ыһыахтарын ыстылар.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше