Өнньүөс хаалыктаахтара сылын аайы үтүө үгэстэрин умнубаттар

Амма Наахара нэһилиэгэр хаалыктаах хаамыынан дьарыктанар, эти-хааны чэбдигирдии бу көрүҥүн талбыт далбардар түмсүүлэрэ биир саамай көхтөөх түмсүү. Кинилэр сылын аайы саҥа сылга нэһилиэктэрин аттыгар айылҕаҕа тахсан харыйа туруоран, симээн киэргэтэн Саҥа дьылы бэлиэтиир олус бэртээхэй үтүө үгэстээхтэр. Быйыл Дракон сылыгар ол үгэстэрин умнубатылар. Төһө да 50 кыраадыс томороон тымныы турдар, көхтөөх далбардар үөрэ-көтө харыйаларын симээтилэр.

«Өнньүөс скандилара сылын аайы буоларын курдук быйыл эмиэ харыйабыт уотун уматтыбыт. Быйылгы дьылга, саҥа   харыйаны биир дойдулаахпыт Руслан Еремеевич Федотов бэлэх уунан үөрүүбүтүн үксэттэ.  Быйыл дэриэбинэттэн чугас сиргэ оҥордубут. Биһиги наар дьүөдэ үрдүгэр оҥорооччубут. Ол курдук сарсыарда хаамарбытыгар кэлэ-бара сирбитин оҥоро сылдьыбыппыт. Ол курдук  хаар күрдьэн, харыйа туруохтаах сирин ыраастаан, хаарынан сыл бэлиэтин дракону, остуол, ыскамыайкалары,  оҥорон бэлэмнээбиппит. Ону тэҥэ сканди палкаларынан эмиэ харыйа оҥорбуппут.  Тохсунньу 1 күнүгэр харыйабыт уотун уматтыбыт, тула өртүбүтүн уоттаах фонариктарынан кэчигирэтэн киэргэтэн ситэрэн-хоторон биэрдибит. Харыйабыт тула үөрэ-көтө, хороводтаатыбыт, оһуокайдаатыбыт. Сайын хомуйбут дойдубут эмтээх отторуттан оҥоһуллубут итии чэй оҥорон, аҕалан истибит. Хаартыскаҕа түстүбүт”, — диэн түмсүү чилиэннэрэ үөрэ-көтө сонуннарын үллэстэллэр.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше