Эр дьон күүстээх көмөнү оҥордулар

Төһө да инчэҕэй хаар түһэн намылыттар, Болугур нэһилиэгэр Туора үрүйэ диэн сиргэ күүстээх субуотунньук ньиргийдэ. Биир кэм сүгэ тыаһа, өтүйэ, эрбии  тыаһа тигинээн олордо. Дьэ Үлэ сыла диэх курдук.

«Биһиги Болугур нэһилиэгин эр дьоно уонна улуус дьаһалтатыттан эмиэ көмөҕө кэлэн саха ынахтара турар хааччахтарын  оҥордубут. Ол курдук остуолбаларын хатырыктаан, туруоран, сиэрдийэлэрин саайдыбыт. Быһатын биир уһаайба курдук сири эргиччи оҥордубут», — диэн нэһилиэк баһылыга Андрей Петров сырдатта.

Чахчы да күүстээх аҥар туруннаҕына, тугу барытын кыайа тутар. Туох барыта биир сүбэнэн үлэлэннэҕинэ, этэргэ диэри кыаллыбатах үлэ хайаатар да оннуттан хамсыыр. Маннык урукку субуотунньук үтүө үгэстэрэ салҕанан бара турдуннар.

«Амма олоҕо» хаһыат

 

Читайте дальше