Өрөспүүбүлүкэ коллекционердарын кэккэлэрэ сыллата хаҥыыр

Икки хонуктааҕыта Дьокуускай куоракка Саха сирин коллекционердарын VIII сийиэһэ буолан ааста. Манна Амма улууһун Амма Наахара нэһилиэгин «Эгэлгэ» түмсүүтүн салайааччыта Лариса Ивановна Унарова кыттыыны ылла.

Быйылгы сийиэскэ Оҕо сылынан сибээстээн  быыстапка темата оҕолорго ананна. Тэрээһин туһунан сиһилии Лариса Ивановна бу курдук кэпсиир:

Бу мин коллекционердар сийиэстэригэр төрдүс сылдьыым буолар. Киириигэ регистрацияҕа сертификат уонна значок биэртэлээтилэр. Съезд өрүү буоларын курдук үрдүк таһымнаахтык ааста.  Уус Алдан улууһун «Умсулҕан» коллекционердар түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээн эҕэрдэлээтибит. Биир интэриэстээх дьон мустан билэр доҕотторбутун көрсөн үөрүү — көтүү, атыылаһыы — атастаһыы, бэлэх — туһах да баар. Уһун кыһын кэнниттэн дьон  айылҕаны кытта бииргэ тыллыбыт курдук күө — дьаа кэпсээн-ипсээн бөҕө. Олох биир дьиэ кэргэн курдук, эдьиий-быраат курдук уруй-айхал бөҕө. Икки этээһи тилэри остуол, онно быыстапка турда. Быыстапка  туруорбуттарга диплом биэрдилэр.

Маннык тэрээһиннэргэ сылдьан киһи элбэҕи билэр, сылтан сыл ахсын атынтан атын коллекциялар элбээн иһэллэр. Оҕолор, эдэр дьон умсугуйан дьарыктаналларын, сыллата элбээн иһэллэрин үөрэ көрдүм.

Туппута тупсар, санаабыта ситэр Далбар хотуммутугар саҥаттан саҥа иэйиини, санаабыккын олоххо киллэрэн айа — тута сылдьаргар баҕарабыт.

Ирина Корякина – Олесова.

Читайте дальше