Евдокия Долгунова: “Дьахтар ийэ буоларга сыл инниттэн бэлэмнэниэхтээх”

Россия доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Амматааҕы киин балыыһа акушер-гинеколога, уопуттаах быраас Евдокия Долгунова улууска доруобай оҕо төрөөһүнүгэр, саҥа төрөөбүт оҕо доруобуйатыгар ураты болҕомтотун уурар. Ону ситиһэргэ үлэһиттэрэ билиилэрин таһымын үрдэтэллэрин ситиһэр, көрдөрөр, үөрэтэр тэрээһиннэри ыытар. Биир оннук кыттыгас дьаһал Судаарыстыбаннай турук аактатын суруйуу салалтатын кытта буолла.

Ийэ – хаһан баҕарар ийэ. Бэлиэ күнтэн, дьыл кэмиттэн, чааһыттан тутулуга суох. Кэлэр көлүөнэ чөл буола улаатарыгар доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ эрэ буолбакка, бастатан туран төрөппүттэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаннар оҕо үөскүү илигиттэн доруобуйаларын көрүнүөхтээхтэр, куһаҕан дьаллыктан, буортулаах астан аккастаныахтаахтар, оҕо ийэтин иһигэр сайдар кэмигэр тиийбэт битэмиини толорон биэриэхтээхтэр”,- диэн Евдокия Степановна кэпсэтиини саҕалаата.

Улуустааҕы киин балыыһа исписэлиистэрэ – оҕону былаанныыр кабинеттан саҕалаан төрүүр дьиэ үлэһиттэригэр тиийэ мустаннар ийэ буолаары күүтэр, баҕалаах дьахталларга сырдатар, сэрэтэр үлэни ыыппыттара интэриэһинэй, дириҥ ис хоһоонноох буолла. Мустубут кэрэ аҥардар оҕо төрүөн 1-2 сыл инниттэн туох анализ туттарыахтаахтарын, туохха  болҕомто ууруохтаахтарын, оҕону күүтэр кэмҥэ туох быраабылалары тутуһуохтаахтарын, аны төрөөбүт оҕолорун хайдах көрүөхтээхтэрин-истиэхтээхтэрин биллилэр, элбэх саҥаны иһиттилэр, сүбэ-ама ыллылар.

“Оҕоҕо харыстабыллаах сыһыаннаах балыыһа” үрдүк ааты сүгэр Амматааҕы киин балыыһа ыытар маннык тэрээһиннэригэр сылдьар, истэр төрүүр саастаах дьахталларга хайаан даҕаны наада. Атах тэпсэн олорон хас даҕаны исписэлиис санаатын истэр, сүбэтин сомсор түгэн күн ахсын тосхойбот.

“Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше