Евдокия ДОЛГУНОВА: «Сэрэтэр, үөрэтэр үлэ түмүктэрэ көстөллөр»

Оҕо, ийэ, дьиэ кэргэн доруобуйата туруктаах буоларын туһугар Амма эмчиттэрэ өрөбүл күннэрин аахсыбакка үлэлииллэр. Бэҕэһээ, субуота күн, оҕо күүтэр ийэлэри кытта бэсиэдэ ураты көрүҥүнэн ыытылынна.

-Ийэ, аҕа буолар санаалаах эдэр даҕаны, саас ортолоох даҕаны дьон оҕо үөскүөн инниттэн доруобуйаларыгар болҕомто ууруохтарын наада диэммит дьахтар консультациятын үлэһиттэрэ куруук үөрэтэбит, санатабыт. Төрөппүккэ, эбэлэргэ, эһэлэргэ баар олохсуйбут ыарыылары билии,  эрдэттэн эмтээһин доруобай көлүөнэ төрөөһүнүгэр оруола олус улахан. Сэрэтэр эмтиирдээҕэр судургу уонна үтүө түмүктээх. Бэйэм уопуппуттан кэпсиир буоллахха, 80-с сылларга доруобуйа харыстабылыгар үлэлии кэлэрбэр оҕо өлүүтэ сылга 16 тэҥ  эбит буоллаҕына, үөрэтии күүскэ барар буолан уонна медицинэ сайдан бу сыыппара 0 буоларын ситистибит. Доруобай оҕо төрүүрүгэр эппиэтинэс бүтүннүү төрөппүттэргэ сытар, быраас, эмчиттэр онуоха көмө эрэ буолуохтарын сөп,- диэн Амма улууһун кылаабынай акушер-гинеколог бырааһа Евдокия Степановна Долгунова тоһоҕолоон бэлиэтиир.

Икки өрүттээх үлэ түмүктээх буоларын туһугар дьахтар консультациятын үлэһиттэрэ тиһигин быспакка үөрэтэр бэсиэдэлэри ыыталлар. Оҕо күүтэр ийэлэр атах тэпсэн олорон эмчиттэри кытта ирэ-хоро кэпсэтэллэр, сүбэлэри ылаллар, бэйэ-бэйэлэрин кытта санаа атастаһаллар. Ол курдук, дьахтар хат буолуон иннинэ ханнык анализтары туттарыахтааҕыттан, ханнык витаминнары иһиэхтээҕиттэн саҕалаан, оҕо күүтэр ийэ, үөскээбит оҕо организмыгар туох уларыйыы барарын, төрөөн баран туохха болҕомто ууруохха наадатын сиһилии билсэллэр. Онуоха бу кэм чэпчэкитик, этэҥҥэ ааһарыгар ийэ хайдах сабыдыаллыан сөбүн эмиэ умнубакка кэпсииллэр.

Бэҕэһээ буолбут көрсүһүүгэ консультация үлэһиттэрэ ийэлэри икки хамаандаҕа арааран  лекциялары төһө өйдөөн халбыттарыгар викторина ыыттылар. Бу — билиини хатыыр үөрэх өссө биир көрүҥэ.

Евдокия Степановна бэлиэтииринэн, аныгы кэмҥэ урукку курдук 10-11 оҕону төрүүр дьахтар суоҕун кэриэтэ. Муҥутаабыта 7 оҕолоох ыаллар бааллар. Россия үрдүнэн орто көрдөрүү — дьиэ кэргэҥҥэ 2-3 оҕолоохтор. Онон бу оҕолор доруобай буолалларыгар болҕомто, эппиэтинэс хас эмит төгүл улаатар. Онуоха кыһамньылаах эмчит, эппиэтинэстээх төрөппүт бииргэ үлэлээһиннэрэ түмүгэ үчүгэй буолара саарбаҕа суох. Итини Амма улууһун холобуругар арылхайдак көрөбүт.

«Амма олоҕо» хаһыат.

Читайте дальше