Григорий Аммосов салайааччылаах күүстээх аҥардар сынньалаҥнарын туһалаахтык атаарар “Фаворит” бильярднай кулууп саҥа сезонун аста. Сезон аһыллыытыгар кулууп чилиэнин, атырдьах ыйыгар Хабаровскай куоракка ыытыллыбыт доруобуйанан хааччахтаах дьон ортотугар Уһук Илин федеральнай уокуругун чемпионатын боруонса мэтээлин хаһаайына Владимир Терентьевы чиэстээн турнир ыытылынна.
Турнирга 55-гэр диэри 7 уонна 55-тэн үөһээ саастаахтар 8 күрэхтэһээччи киирдэ. Манна тыҥааһыннаах киирсиилэргэ түмүккэ бөлөх аайы иккилии утарсааччы хаалан бастыҥы быһаарыстылар. Ол курдук эдэрдэргэ Алексей Пахомов уонна Мичил Пахомов, бэтэрээннэргэ Егор Чемезов уонна Игнатий Гаврильев хааллылар. Быраабыла быһыытынан бөлөхтөр кыайыылаахтара сэрэбиэйдэһэн салгыы бириистээх миэстэлэри ылар иһин кииристилэр. Дьэ улахан тулууру, холкутааһыны эрэйэр киирсиилэр түмүктэригэр Алексей Пахомов бастакы, Мичил Пахомов иккис, Егор Чемезов уонна Игнатий Гаврильев үһүс миэстэлэри ыллылар. Ону сэргэ быыстала суох шары киллэриигэ анал бириис оонньоммута. Манна кыайыылааҕынан Григорий Аммосов таҕыста.
Кинилэргэ Владимир Терентьев туруорбут бириистэрин “Камелек” фирма сахалыы иһиттэри туттардылар. Онтон кулууп чилиэннэрэ Владимир Гаврильевичка Арассыыйа худуоһуннуьктарын Сойууһун чилиэнэ Николай Рязанскайга анаан-минээн оҥорторбут бэйэтин мэтириэтин бэлэх ууннулар.
“Амма олоҕо” хаһыат