Федерация турнира түмүктэннэ

Амма улууһун тиэньискэ Федерацията тохсунньу саҥатыгар турнир тэрийэр буолбута быйыл уон үһүс сыла. Үгэскэ кубулуйбут күрэхтэһии дьаҥ саҕана эрэ тохтуу сылдьыбыттаах, уоннааҕы сыллары көтүппэккэ буолла. Быйылгы күрэххэ кыттааччы хаһааҥҥытааҕар да элбэх – 166 спортсмен кэллэ.

2009 сыллаахха тиэньис Федерациятын бэрэссэдээтэлинэн “Амма-Суол” ХЭТ дириэктэрэ Константин Слепцов ананыаҕыттан бу күрэҕи төрүттээн, сылтан сыл кэҥэтэн Федерация турнира – өрөспүүбүлүкэ тарбахха баттанар маастар оонньооччуларын барыларын түмэр саҥа сыл аан бастакы улахан күрэхтэһиитэ.


Күрэххэ сүрүн судьуйанан Дьокуускайтан Дмитрий Иванович Каженкин үлэлээтэ. Икки күннээх күрэх түмүгэ маннык буолан таҕыста.
Кыргыттарга
10 саастарыгар дылы (9 кыттааччы):
1 м. Амина Жегусова (Чурапчы)
2 м. Дайаана Гаврильева (Мэҥэ Хаҥалас)
3 м. Айта Попова (Мэҥэ Хаҥалас).
11-13 саастаахтарга (11 кыттааччы)
1 м. Ираида Додохова (Дьокуускай)
2 м. Виолетта Иннокентьева (Таатта)
3 м. Сандаара Степанова (Амма) .
14-17 саастаахтарга (10 кыттааччы)
1 м. Лиза Соломова (Дьокуускай)
2 м. Сандаара Степанова (Мэҥэ Хаҥалас)
3 м. Диана Луковцева (Таатта).
Уолаттарга
10 саастарыгар дылы (10 кыттааччы):
1 м. Максим Афанасьев (Амма)
2 м. Андрей Окороков (Мэҥэ Хаҥалас)
3 м. Сергеев Айсен (Мэҥэ Хаҥалас).
11-13 саастаахтарга (22 кыттааччы):
1 м. Ярослав Антонов (Дьокуускай)
2 Румянцев Айал (Дьокуускай)
3 Яковлев Ян (Мэҥэ Хаҥалас).
14-17 лет (15 кыттааччы):
1 Нестеров Антон (Мэҥэ Хаҥалас)
2 Гермогенов Вадим (Мэҥэ Хаҥалас)
3 Гермогенов Валера (Мэҥэ Хаҥалас).

Дьахталларга
18-39 саастаахтарга (10 кыттааччы)
1 м. Анита Ноговицына (Амма)
2 м. Айыына Петрова (Амма)
3 м. Арина Федорова (Мэҥэ Хаҥалас).
40-60 саастаахтарга (10 кыттааччы):
1 м. Зульфия Афонская (Дьокуускай)
2 м. Ида Назарова (Амма)
3 м. Евгения Винокурова (Орто Халыма).
61 уонна онтон аҕа саастаахтарга (8 кыттааччы):
1 м. Александра Тутаева (Сунтаар)
2 м. Евдокия Другина (Үөһээ Дьааҥы)
3 м. Татьяна Чекурова (Нам).
Эр дьоҥҥо
18-39 саастаахтарга (21 кыттааччы)
1 м. Василий Румянцев (Уус Алдан)
2 м. Богдан Капитонов (Бүлүү)
3 м. Михаил Кылабысов (Мэҥэ Хаҥалас)
40-55 саастаахтарга (17 кыттааччы):
1 м. Михаил Алексеев (Дьокуускай)
2 м. Василий Самсонов (Ньурба)
3 м. Сергей Максимов (Дьокуускай)
55-65 саастаахтарга (15 кыттааччы):
1 м. Еремей Куприянов (Мэҥэ Хаҥалас)
2 м. Николай Атласов (Мэҥэ Хаҥалас)
3 м. Вячеслав Данилов (Дьокуускай)
66 уонна онтон аҕа саастаахтарга (14 кыттааччы):
1 м. Аркадий Иванов (Хатас)
2 м. Василий Данилов (Дьокуускай)
3 м. Павел Федулов (Чурапчы).
Кыайыылаахтары илии тутуурдаан, өттүк харалаан ыыппыт спонсордарынан буоллулар: Елена уонна Семен Степановтар дьиэ кэргэттэрэ, Андреев Максим Егорович, Афанасьев Николай Афанасьевич, Данилов Вячеслав Джурович, Макаров Александр Викторович, Олесов Георгий Афанасьевич-Дьулус Уус, Прокопьев Виктор Прокопьевич, улуустааҕы спорт управлениета уонна “Амма-Суол” ХЭТ.

 

Олег Егоров.

Читайте дальше