Амма улууһугар өрөспүүбүлүкэ кылаабынай федеральнай инспектора Евгений Корнеев баһылыктаах улахан оробуочай бөлөх үлэлээн барда . Абаҕаҕа, Амма нэһилиэгэр сылдьан тутулла турар эбийиэктэри уонна атын да хайысхаларынан билистилэр. Маны сэргэ кылаабынай федеральнай инспектор улуус баһылыга Степан Кузьмины көрүстэ.
“Оробуочай бөлөх састаабыгар тутуу, үөрэх министиэристибэлэрититтэн эппиэттээх үлэһиттэр, уопсайа уонтан тахса киһи кэлэн барда. Кинилэр бары эйгэлэри хабан үлэлээтилэр. Бу сырыы сүрүн сыалынан федеральнай таһымҥа тутулла турар эбийиэктэр тутуулара хайдах баран иһэрин, төһө хаачыстыбалааҕын, үп-харчы сөптөөхтүк туттулла турарын бэрэбиэркэлээһин, хонтуруоллааһын буолар. Ол чэрчитинэн Абаҕаҕа тахсан оскуола-саады, култуура киинигэр ыытылла турар хапытаалынай өрөмүөнү көрдө. Ол түмүгэр үлэ баран иһэрин бэлиэтээн туран, кэккэ бэйэтин этиилэрин бэдэрээччиккэ да, сакаасчыттарга да киллэрдэ. Ону сэргэ “Доруобуйа” национальнай бырайыагынан тутуллан үлэҕэ киирбит врачебнай амбулаторияҕа сылдьан, үлэһиттэри кытта кэпсэттэ. Салгыы кини Аммаҕа кэлэн киин балыыһаҕа сылдьан эмиэ баар кыһалҕаларын туһунан ыйыталаста, санааларын иһиттэ. Маны тэҥэ норуодунай суут дьиэтин көрдө. Манна кэккэ кыһалҕалар бааллар. Инники үлэһиттэри атын эбийиэккэ көһөрүүгэ дьаһалта ылсан үлэлииригэр диэн бэйэтин баҕа санаатын миэхэ тириэртэ. Онон манна үлэлэһиэхпит. Салгыы «Чистая вода» бырагырааманан тутулла турар ууну ыраастыыр станцияҕа сырытта. Манна эбийиэк тутуута бэдэрээччит бэлиэтээбитинэн 80-тан тахса бырыһыан. Ахсынньы ыйга тутуу түмүктэнэр эрээри, ууну ыытыыга сэрэхэчийэллэрин, онон халлаан сылыйбытын кэннэ, саас ыытарга санааларын эттилэр. Биһиги бэйэбит өртүбүтүттэн бу эбийиэктэри таһынан хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан тутулла турар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутуу хаамыытын, анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьиэ кэргэҥҥэ көмө ыытыллыытын туһунан билиһиннэрдибит. Маныаха Евгений Григорьевич бу хайысхаҕа улуус биир бастыҥ үлэлээх улуустар истэригэр баарбытын бэлиэтээтэ, ону сэргэ көрүү түмүгүнэн сөптөөх улэ бара турар диэн сыаналаата. Уопсайынан маннык кылаабынай федеральнай инспектор кэлэн үлэ хаамыытын хонтуруоллуура сакаасчыкка, бэдэрээччиккэ уонна биһиэхэ да үлэни-хамнаһы ыытыыга, өрө тардыныыга көмөлөөх дии саныыбын”, — диэн оробуочай бөлөх сырыытын туһунан баһылык Степан Кузьмин санаатын үллэһиннэ.
“Амма олоҕо” хаһыат