Амма бурдуктаах хаһаайыстыбаларыгар быйылгы хомуур хойутаан саҕаланна. Онно сүрүн биричиинэнэн туорахтаах култуура хойутуу ыһыллыбыт буолан ситэ илигэ буолар. Онно эбии үгэс буолбут күһүҥҥү хаһыҥнар түһэн биэрбэккэлэр, бурдук сиппэт-хоппот. Ол да буоллар улууска хомуур үлэтэ балаҕан ыйын 7 күнүттэн саҕаламмыта.
Ити эрээри боруобалаан быһыы саҕаламмыт күнүн сарсыҥҥытыгар инчэҕэй хойуу хаар түһэн туспа ыарахаттары үөскэппитэ. Хата кэнники тыалыран-кууһуран, хайдах эрэ айылҕабыт барахсан бэйэтэ таһаарбыт «сыыһаларын» көннөрөн биэрэрдии бэртээхэй күннэри бэлэхтээн, хаһаайыстыбалар хомуур түбүктээх үлэтигэр биир да күн тохтообокко сылдьаллар. Бурдук бааһыналарыгар комбайнар долгуйа хаамаллар, бурдук тиэммит массыыналар быыстала суох сүүрэллэр.
Онтон саамай элбэх ыһыылаах «Амма» ААУо-гар хомуур хампаанньатын үгэнэ. Үүнүү куһаҕана суох буолан, үлэһиттэр санаалара кэлэн үлэлии сылдьаллар. Улуус кылаабынай агронома Николай Гаврильев күн бэҕэһээ хаһаайыстыбаҕа тиийэн үлэ хаамыытын миэстэтигэр билистэ. Хаһаайыстыба кылаабынай агронома Назар Черкашин бэлиэтииринэн, билиҥҥитэ 515 гектар, 700-715 тонна бурдук хомулунна. Гектартан ортотунан 13-13, 5 центнер кэлэ турар. Күн-дьыл туран биэрэн хомуур тэтимнээхтик барар. Сэлиэһинэй ортотунан гектартан 17 центнер, эбиэс 16 центнер кэлэр.
«Быйыл бурдук тахсыыта, аһа да куһаҕана суох. Улуус үрдүнэн ортотунан гектартан 12, 4 центнери ылан олоробут. Бу куһаҕана суох көрдөрүү. Быйыл бары хаһаайыстыбалар үксүлэрэ «Амма» хаһаайыстыбатын сиэмэ бурдугун ылан ыспыттара. Ол аһы биэриитэ үчүгэй диэн көрөбүт. Уопсай ыһыыбыт 3595 гектар. Билигин саамай кылаабынайа күммүт туран, хаар түһүмүөн наада. Оччотугар алтынньы саҥатыгар хомууру бүтэриэхпит «, — диэн Николай Степанович этэр.
Күн бүгүн улуус үрдүнэн 11 комбайн, 113 киһи ыһыллыбыт туорахтаах култуураны хомуйууга үлэлии сылдьар.
«Амма олоҕо» хаһыат
Лия Яковлева хаартыскаҕа түһэриитэ