Госпитальга биир дойдулаахтарын көрүстэ

Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова Москва куоракка командировкатын кэмигэр госпитальга сырытта. Манна кини биир дойдулаахтарын кытта көрүстэ.

«Москваҕа №2 -дээх байыаннай госпитальга эмтэнэ сытар уолаттарбытын көрүстүм. Кинилэр Сулҕаччыттан уонна Болугуртан анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыттара. Госпитальга от ыйыттан эмтэниини бараллар. Иккиэн улахан бааһырыылаахтар. Уолаттарга Аммабыт солунун кэпсээтим, «Амарах сүрэхтэри», «Илии сылаастары’ истэбит дииллэр. Саламаат астатан илдьэн биэрдим.  Саламааты сөбүлэһэн сүрдээх үчүгэйдик астаабыт Кашкина Викторияҕа, Таатта мааны Далбар Хотунугар махталбын тириэрдэбин. Уолаттарга биирдии бэйэлэригэр эмиэ ас атыылаһан илтим. Болугур уолугар оборона министиэристибэтин харчыта түһэ илик эбит, онно билигин үлэ ыытыахпыт. Кэпсэтэ олордохпутуна Зоя Егоровна Тумусова толору астаах тиийэн кэллэ. Болугур уолун ийэтин кытта бииргэ үөрэммиттэр эбит. Салгыы Москваҕа баар аммалары график оҥостон уолаттарга кэлэн көрсө сылдьалларыгар кэпсэттим, Москваҕа «Саха волонтердара» хамсааһын госпитальга сытар уолаттарга сүрдээх элбэх көмөнү оҥороллор эбит»,-  диэн Ньургуйаана Ивановна сырдатта.

«Амма олоҕо» хаһыат

Читайте дальше