Атырдьах ыйын 28 күнүн туругунан улууска оттооһун былаана 82,9 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ. Ааспыт сыл бу кэмигэр 256520 тонна от бэлэмнэниллибит эбит буоллаҕына, быйыл 26735,5 тонна от кэбиһиллиннэ.
Кураан күннэр тураннар окко былаан туолуута биллэ эбилиннэ. Отчуттар хоннохтоохтук оттоон сезоннааҕы былаан туолара чугаһаата. Ол курдук тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар былааннарын 70,4, бааһынай хаһаайыстыбалар 89, 0 уонна чааһынайдар 85,9 бырыһыаҥҥа тириэртилэр. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалартан ордук үчүгэй көрдөрүүлээх “Соморсун” ТХПК (95,6 бырыһыан) , “Кэскил” ХЭТ (95,5 бырыһыан) уонна “Давидофф” ХЭТ (90,5 бырыһыан) буоллаллар. Итини сэргэ Строд аатынан хаһаайыстыба былаанын 86,6 бырыһыаҥҥа тириэрдэн эмиэ куһаҕана суох көрдөрүүлээх. Сезоннааҕы былааннарын аҥарын эрэ “Болугур” ТХПК, “Үрүйэ” ТХПК уонна Лукин аатынан ТХПК-лар толорон иһэллэр.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат