«Ханна да сырыттарбыт «Дуораанчыкпытын» умнубаппыт»

Амма Наахара “Дуораанчык” уһуйаана бүгүн 65 сааһын бэлиэтиир. Уһуйааны 1993 сылтан  Полина Петровна Кононова 30-с сылын салайар. Бу сыллар тухары уһуйааҥҥа элбэх үлэһит үлэлээн ааста. Кинилэр оҕоҕо сылаас сыһыаннара, оҕо туһа диэн кыһамньылара туохха да тэҥнэммэт.

Кырачааннарбыт оҕо саас дьикти, кэрэ күннэрин ийэлэрин курдук таптыыр иитээччилэрин кытта алтыһан, элбэххэ үөрэнэн күннэтэ үүнэллэр-сайдаллар. “Дуораанчык” уһуйаан нэһилиэккэ, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээх кэлэктиибинэн биллэр. Саҥаттан саҥа көрүүлээх, олох уларыйыытын кытта тэҥҥэ хаамсан үлэлиир-хамсыыр үлэһиттэрдээх.

Быйылгы үбүлүөйдээх сылга “Дуораанчык” барыта 30 үлэһиттээх, онтон 10-на педагог үөрэхтээхтэр. Кэлэктиип биир санаанан үлэлиир буолан ситиһиитэ үгүс. Бастыҥ салайааччылаах, туруоруммут сыаллаах, биир көрүүлээх үлэлиир кэлэктиип үлэтэ таһаарыылаах. Уһуйааммыт тэбэр сүрэҕинэн тутаах киһибитин, идэтин толору баһылаабыт исписэлииспитин, сүрүннүүр иитээччибитин Галина Кимовна Мартынованы ааттыыбыт. Галина Кимовна үлэҕэ уопута, саҥаттан саҥа сүүрээннэри олоххо киллэриитэ, билиитэ-көрүүтэ, дьоҥҥо сыһыана, эппиэтинэһэ, үлэни күөдьүтэн өрүү инники сирдиир. Кини салайбыт үлэлэрэ тиһиллэн араас босуобуйа, кинигэ буолан тахсалларыттан олуһун киэн туттабыт, махтана саныыбыт.

“Дуораанчык” экологическэй хайысхалаах, сахалыы тыыннаах буолан манна дьарыктар олус сэргэхтик ааһаллар, айылҕа харыстабылыгар болҕомто ууруллар. Урукку сыллартан күн бүгүҥҥэ диэри экологическай хайысханан Амма бэлиэтэ Сардаана сибэккини харыстыыр бырайыак үлэлиир, онно эмблема оноһуллубута. Саҥа уһуйааҥҥа билигин “Кымырдалик уонна Сардаана” уһуйаан тутаах бэлиэлэрэ буолан киирэр аантан ыалдьыттары үөрэ-көтө көрсөллөр.

Кэлэктиип иитии-үөрэтии ирдэбилигэр толору эппиэттиирдик үлэлии олорор буолан улуус, өрөспүүбүлүкэ иһинэн ыытыллар элбэх научнай хабааннаах педагогическай ааҕыылары   бэйэтэ хото  ыытар.  Атын ааҕыыларга, үлэлэргэ, тэрээһиннэргэ кыттан ситиһиилэнэр.

Биир идэлээхтэр сойуустара үлэһит дьону түмэр. Бэрэссэдээтэлинэн 6-с сылын иитээччи  Ульяна Лубинец  таһаарыылаахтык үлэлиир. Уһуйаан салалтата төрөппүт кэмитиэтин кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир. Кинилэр үлэлэрин үрдүктүк сыаналыыр. Төрөппүт кэмитиэтин иккис сылын алын кылаас учуутала, барыга талааннаах эдэркээн ийэ Айталина Филиппова салайар. Хас биирдии иитээччи оҕону сайыннарар араас куруһуоктары ыытар. О5олор кыра саастарыттан Туяра Мартынова салайар сахалыы уус-уран айымньы араас көрүҥнэригэр уһуйуллаллар. Медик идэлээх Марианна Чен доруобай сылдьыыга эрчиллиилэрэ араас таһымнаах эти-хааны уһугуннарар дьарыктарын оҕолор оҥороллорун олус астыналлар. Биһиэхэ өр сыл  үлэлээбит Розалия Устинова, Татьяна Ефремова опыттаах үрдүк категориялаах иитээччилэр. Кинилэр саҥаттан-саҥа  үөрэх ирдэбиллэрин уларыйыытын кытта тэҥҥэ хаамсан сайыннарыылаах эйгэни оҥорууга, Сонор, экология, чинчийии үлэтин,  программа ирдэбилин биэс хайысхатын  толору баһылыыллар. Аныгы көлүөнэ иитээччилэрэ  Ефросинья Пахомова, Ульяна Лубинец, Федосия Максимова, Фекла Илларионова  оҕо иитиитигэр туспа көрүүлээхтэр, саҥалыы сүүрээни түргэнник ылыналлар. Робототехника, мультфильм, ЛЕГО конструирование хайысхатын туһаналлар. Педагог-психолог оскуолаҕа барыан иннинээҕи оҕолору  уйулҕаларын бэрэбиэркэлиир, дьарыктыыр үлэлээх. Минньигэс астаах, ыраас туттуулаах асчыт кыргыттарбыт Надежда Ефремова, Мария Захарова күннэтэ оҕолору саҥа ирдэбил менюнан сылаас, битэмииннээх аһынан күндүлүүллэр. Екатерина Михайлова оҕо өрүү ыраас таҥаска сытарын, ыраас сотторунан сотторун хааччыйар үлэһит. Завхоз Февронья Иванова  салайааччы уҥа илиитэ, бары үлэни кыайа тутар.

Уһуйааммыт ыраас буоларын хааччыйар, оҕолору көрсөр  кыргыттарбыт: Матрёна Петрова, Ольга Григорьева, Кюннэй Михайлова, Амгаяна Макарова, Марианна Кононова, Анастасия Ефремова, Анжелика Нестерева ис сүрэхтэриттэн үлэлииллэр. Ньургуйаана Захарова уһуйаан күөх муннугун көрөр-истэр, тыыннаах харамайдары бүөбэйдиир. Давыд Алексеев диэн уус-уран көрүүлэр актыыбынай кыттыылаахтара ырыаһыт ааттааҕа, сүбэһит үтүөтэ, үлэһит бэрдэ 25-с сылын харабылынан үлэлиир. Чаҕылхай куоластаах, уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылааҕа Гаврил Александров эмиэ үлэлээбитэ ыраатта. Биһиэхэ Николай Илларионов диэн барыга актыыбынай позициялаах, туппута тупсар, оҥорбута саҥалыы көстүүлэнэр, сыанаҕа таҕыстаҕына ханнык да артыыстан итэҕэһэ суох талааннаах, сантехник  уоллаахпыт. “Дуораанчыкка” араас техникаларга сыстаҕас, сатаабаттара суох, көмүс тарбахтаах ханнык да үлэттэн толлон турбат убайдыы-бырааттыы Виталий, Алексей Тарскайдар үлэлииллэр. Үлэттэн толлон турбат, сатамматы оҥорбута эрэ баар буолар, олус кыһамньылаах үлэһит бастыҥа,  оробуочай Афанасий Михайлов буолар. Киэҥ-холку көҕүстээх Александр Степанов  уһуйааҥҥа саҥа үлэһит.

2003 сылтан сыл ахсын уһуйааммыт сатабыллаах сэбиэдиссэйэ Полина Петровна Кононова үөрэх дьылын бүтүүтэ орто оскуолаҕа “Бастыҥ кылаас салайааччыта”, онтон кэлэктиип 1 кылаас үөрэнээччитигэр “Детсад бастыҥ иитиллээччитэ” анал ааты уонна харчынан бириэмийэни туттараллар. “Дуораанчык” уһуйаан уонна Үлэ дьоруойа П.И. Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолата сиэттиспитинэн ситимнээхтик үлэлииллэр. Оскуола-уһуйаан педагогтара, педагогическай ааҕыыларга, бэйэ-бэйэни өйөөн экспертнэй хамыыһыйа чилиэннэринэн үлэлииллэр. Биир экологическай хайысхалаах буоламмыт, “Ыраас Амма кытыла” экологическай акциябыт нэһилиэги ааһан, улууска, республикаҕа бигэтик тарҕанна.

Сыл-хонук ааһан истэҕин аайы оҕо саас кэрэ кэмнэрэ хас биирдии киһи өйүгэр-санаатыгар охсуллан ааһара үксүүр. Сорох ииппит-такайбыт оҕоҥ улаатан үлэһит буолан кэлэн, оҕо сааһын санаан аастаҕына киһи долгуйар, үөрэр. Маннык түгэннэргэ ииппит-үөрэппит киһиэхэ дьол сырдык кыыма, үлэ сыаналаныыта сүрэххэ үөрүүнү саҕар. “Ханна да сырыттарбыт «Дуораанчыкпытын» умнубаппыт. Саныыбыт, таптыыбыт, ахтабыт. Ситиһиигитинэн киэн туттабыт” – диэн эдэркээн ыччаттарбыт сыанабыллара биһиэхэ туохха да тэҥнэммэт бэлэх буолар.

“Дуораанчык” уһуйаан бары үлэһиттэригэр “Түбүктээх үлэҕит-хамнаскыт таһаарыылаах буоллун! Иитэр-үөрэтэр оҕолоргут уһуйаантан киэҥ билиилэнэн бастыҥтан бастыҥ үөрэнээччи, үчүгэй үлэһит буоллуннар. Үүнэн сайдан чэчирии тур таптыыр, үөрүүнү саҕар уһуйааммыт!” — диэн алгыспытын тиэрдэбит.

 

“Дуораанчык” уһуйаан педагог-психолога, «Амма олоҕо» хаһыат общественнай корреспондена

Ирина Корякина – Олесова, Амма Наахара.

 

 

 

 

Читайте дальше