Хапсаҕайга бөтүҥнэр бастыҥ буоллулар

Ааспыт өрөбүл күн Чапчылҕан нэһилиэгин спортивнай саалатыгар улуус нэһилиэктэрин икки ардыларыгар хапсаҕайга биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин күрэх буолан ааста. Уопсайа алта ыйааһыҥҥа кииристилэр. Бэтэрээннэргэ эмиэ туспа күрэх буолла. Күрэхтэһии комплекснай спартакиадаҕа киирэр буолан, сытыы киирсиилэр буоллулар.  Уопсайа 130 спортсмен кэлэн кыттыыны ылла. Дьэ кимнээх инники күөҥҥэ түстүлэр?

Улуустааҕы спорт управлениетын иһитиннэриитинэн нэһилиэктэр бары кыахтарынан кыттыыны ыллылар. Сорох ыйааһыннарга дьонноро суох буолан, ол уопсай хамаанданан миэстэни таһаарыыга оҕустарыылаах буолбут. Ол курдук 16 очкону суруммут Бөтүҥ нэһилиэгин хамаандата кыайыы өрөгөйүн биллэ. Манна 65  киилэҕэ диэри Мичил Попов, 75 киилэҕэ диэри Василий Уйгуров, 85 киилэҕэ диэри Петр Егоров, 95 киилэттэн үөһэҕэ Тунгай Прокопьев, онтон бэтэрээннэргэ (1984 ст. уонна онтон үөһээ саастаахтар)  60 киилэҕэ диэри Константин Попов, 70 киилэҕэ диэри Александр Артемьев, 80 киилэҕэ диэри Павел Борисов, 90 киилэҕэ Прокопий Сергеев мэтээллэри аҕалан нэһилиэктэрин инники күөҥҥэ таһаардылар. Иккис миэстэни  Амма нэһилиэгэ ылла. Манна кыайыылары 57 киилэҕэ диэри Степан Скрябин, 75 киилэҕэ диэри Александр Гермогенов, 85 киилэҕэ диэри Айаал Алексеев, бэтэрээннэргэ 60 киилэҕэ диэри Дмитрий Неустроев, 70 киилэҕэ диэри Вячеслав Баишев, 90 киилэҕэ Николай Баттахов, 90 киилэттэн үөһээ Сергей Федоров аҕаллылар. Үһүс бириистээх миэстэҕэ Эмис нэһилиэгэ таҕыста. Хамаандаларыгар олус наадалаах очколары 57 киилэҕэ диэри Дмитрий Новиков, 95 киилэҕэ диэри Александр Ларионов, 95 киилэттэн үөһээ Ньургун Наумов, бэтэрээннэргэ 80 киилэҕэ диэри Егор Сутаков, 90 киилэҕэ Гаврил Захаров аҕаллылар.

Салгыы миэстэлэри көрөр буоллахха 4-с миэстэ Болугур, 5-с миэстэ Абаҕа, 6-с миэстэ Чапчылҕан, 7-с миэстэ Алтан, 8-с миэстэ Чакыр, 9-с миэстэ Мээндиги, 10- миэстэ Амма Наахара, 11-с миэстэ Покровка, 12-с миэстэ Сатаҕай, 13-с миэстэ Сулҕаччы нэһилиэктэрэ буоллулар. Санатан эттэххэ бу комплекснай спартакиада иккис күрэхтэһиитэ буолар. Бу иннинэ остуол тенниһэ ыытыллыбыта.  Онно Эмис нэһилиэгэ кыайыы өрөгөйүн билбитэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше