Болугур нэһилиэгэр Төрөөбүт тыл, сурук — бичик күнүгэр анаан «Дьүрүһүй хомуһум» саха төрүт үстүрүмүөнүгэр, Хомус тардыытыгар аһаҕас маастар — кылаас буолла. Маастар — кылааһы СӨ култууратын туйгуна, импровизатор хомусчут, М. Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж преподавателя Артур Семенов — Тоҥ Саха уонна СӨ култууратын туйгуна, импровизатор хомусчут, Хомус аан дойдутааҕы киинин уонна түмэлин быыстапкалыыр салаатын сэбиэдиссэйэ Туяра Жиркова ыыттылар.
Бу күммүтүгэр олус элбэх билиини ылан, хомус кэрэ тыаһынан ыраастанан, сэниэ ылан, үөрэнэн, олус туһалаахтык атаардыбыт. Чугастыы сытар нэһилиэкпититтэн Амма Наахараттан «Үрүйэчээн» оҕо фольклорнай бөлөҕүн салайааччы Мартынова Туяра Захаровна, «Чэлгийээнэ» эбэлэр бөлөхтөрүн салайааччы Чен Марианна Никоноровна кэлэн үөрэннилэр. Болугур нэһилиэгиттэн «Арылхан» оҕо фольклорнай бөлөҕө салайааччы Платонова Евдокия Васильевна, «Чөмчүүк» Далбар Хотуттар түмсүүлэрэ салайааччы Ефремова Оксана Константиновна уонна биирдиилээн хомус тыаһатыан, үөрэниэн баҕалаахтар, уопсайа 30 оҕо, 16 улахан киһи сырыттылар.
Сарсыардаттан, киэһээҥҥи диэри хомус араас матыыптара ылланнылар. Киэһээтин «Хомус тыына» медитация кэнсиэринэн түмүктэннэ. Бэлиэтээн эттэххэ, медитация диэн уруут уруккаттан киһи бэйэтин истэр, өйдүүр ньымата буолар. Ис туругу тупсарар, санааны ыраастыыр, уоскутар, бэйэҕэр эрэли улаатыннарар. Кэнсиэр кэннэ чэпчээбиккэ, сынньаммыкка дылы буоллубут диэн сылдьыбыт дьоммут үллэһиннилэр. Ыҥырыыбытын ылынан кэлбит, айылҕаттан бэриллибит талааннаах дьоммутугар Туяра Анатольевна Жирковаҕа, Артур Ньургустанович Семеновка барҕа махталбытын тиэрдэбит. Туспа махталбытын Олохтоох дьаһалта баһылык Петров Андрей Никитичка өйдөөн, өйөөн массыына биэрэн, администрациябыт суоппарыгар Геннадий Степановка уонна бу күн минньигэс эбиэтинэн хааччыйбыт Мария Афанасьевна Пермяковаҕа, Екатерина Ивановна Дьячковскаяҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит.
«Туругура тупса тур,
Тирэҕирэ чиҥии тур — Сахам тыла!»
Евдокия Платонова.